Анаабыр талааннаах иистэнньэҥин айар быыстапката Дьокуускайга турда

Алтынньы ый 6-27 күннэригэр Дьокуускай куоракка СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Антонина Петрова «Күһүҥҥү көмүс оҕуруо» диэн ааттаах быыстапката үлэлээтэ.

Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар аалай кыһыл лиэнтэни кырыйдылар Саха сирин норуотун музыка уонна фольклор музейын директора Мария Никитична Корнилова, «Сирэктэ» хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын таҥастарын лабороториятын бэрэссэдээтэлэ Михаил Христофорович Андреев, ону тэҥэ бу күн буруйдааҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара Антонина Николаевна Петрова. Арыллыы үөрүүлээх чааһыгар Екатерина Путятина «Таҥара табата» ырыаны ыллаан эҕэрдэлээтэ.

Антонина Николаевна Анаабыр улууһун Сааскылаах нэһилиэгин олохтооҕо. 90-с сылларга иис кэрэ эйгэтигэр иитиллэн тахсан, күн бүгүҥҥэ диэри ыһыктыбакка илдьэ сылдьар. Ол курдук, араас үрдүк таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы, бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэр күрэхтэр кыайыылааҕа буолар.

«Күһүҥҥү көмүс оҕуруо» быыстапкаҕа долган норуотун дьахтар уонна эр киһи сонноро, бэргэһэтэ, үтүлүгэ, этэрбэһэ, ону тэҥэ араас өҥнөөх оҕуруонан киэргэтиллибит бастыҥалар, киэргэллэр турдулар.

Долган норуотун сиэрэ-майгыта, культурата сүппэтин туһугар, хоту дойду кэрэ, дьикти көстүүлэрин барытын иис нөҥүө көрөөччүлэрбэр тиэрдэбин. Омугум быстыбат ситимнэннин диэн, барытын оҕуруонан тиһэммин, таҥаска-сапка иҥэрэммин, уһун үйэлэнэригэр, бар дьоммор тарҕата, эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын, — диэн бэйэтин уус-уран оҥоһуктарын, оҕуруонан симэммит таҥастарын туох уратылаахтарын, суолталаахтарын ыйан-кэрдэн кэпсээтэ, көрдөрдө Антонина Николаевна.

Бу дьоро күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн тустаах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева бэйэтин эҕэрдэ тылын тиэрдэн туран, бочуотунай грамота, сэмэй бэлэх туттарда.

Эҕэрдэҕэ кыттыста аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар ассоциациятын вице президена Вячеслав Шадрин. Ону кытары Саха Өрөспүүбүлүкэтин долган норуотун ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Ольга Тимофеева-Терешкина итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, саҥа тахсыбыт кинигэни бэлэх уунна.

Маны таһынан бу дьоро киэһэҕэ атын да ытык-мааны ыалдьыттар Антонина Николаевнаны эҕэрдэлээтилэр, өссө да үрдүк дабайыыны баҕаран туран махтал сурук туттардылар, кыра сэмэй бэлэхтэрин ууннулар.

Быыстапка аһыллыытыгар үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэ, көрө-сэҥээрэ кэлэн мустубут ытык-мааны ыалдьыттарыгар иистэнньэҥ барҕа махталын тиэртэ.

Быыстапкаҕа аналлаах таҥастар туспа кэрэ көстүүлээхтэр, суолталаахтар, норуот култууратын биир ураты көстүүлэрэ. Биир да бытархай чааһа, оһуора-ойуута таах мээнэ оҥоһуллубат, барыта тус суолталаах, туһаныллар аналлаах, дьайылаах буолар.

Мария ЯРОЕВА

Читайте дальше