Анаабыр улууһугар мобильнай биригээдэ быраастара нэһилиэнньэни көрөллөр

Сэтинньи 23 күнүттэн Сааскылаахха мобильнай биригээдэ быраастара үлэлэрин саҕалаатылар. Хоту дойду уһук нэһилиэгэр идэлээх быраастар кэлэллэрэ мэлдьи кэтэһиилээх уонна үөрүүлээх сонун буолар. Эмчиттэр дьоҕус биригээдэлэрэ биир нэдиэлэ дьон-сэргэ доруобуйатын туругун көрүөхтэрэ, сүбэлиэхтэрэ-амалыахтара. Нэһилиэнньэ, уһун уочараты аахсыбакка, ким туох кыһалҕалааҕынан көрдөрүнэ сатыыр.

Ол курдук састаапка барыта 10 исписэлиис, ол иһигэр 8 быраас баар. Терапевт быраас Надежда Попова быыс булан, былааннарын туһунан уонна ханнык быраастар кэлбиттэрин кэпсээтэ.

«Биһиги биригээдэбит онкомаркерга, гормоннарга, сыстыганнаах ыарыыларга, ол иһигэр гепатикка, анаалыстары ылаллар. Биригээдэ састаабыгар терапевт, кардиолог, эндокринолог, травматолог, УЗИ бырааһа, лор, харах бырааһа уонна оҕо бырааһа хайаан да баар буолаллар.  Биһиги «Республиканский центр мобильных бригад» диэн саҥа доруобуйа киинин эбии арыллыбыт отдела буолабыт. Быйыл 2023 сылтан саҥа үлэлээн эрэбит. Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан сылдьабыт. Үрүҥ Хайаҕа субуота күн барар былааннаахпыт,  оптуорунньукка диэри Үрүнг Хайа олохтоохторун көрүөхпүт. Онтон салгыы Саскылаахха кэлэн приеммутун салҕыахпыт. Дьокуускайга 29 чыыһылаҕа көтөбүт«, — диэн билиһиннэрдэ.

Быйыл Анаабырга «мобильнай биригээдэ» үһүс сырыыта буолар. Дойдубут олохтоохторугар быраастар биригээдэлэрэ кэлэн үлэлээн бараллара улахан махталлаах дьыала.


Өссө ааҕыҥ:
«Мобильные доктора» оказали медпомощь жителям Анабарского района

Читайте дальше