Дьокуускай куоракка кулун тутар саҥатыгар Саха сирин дьахталларын “Подруги — дьүөгэлэр” иккис пуорума буолан ааста. Сыала-соруга национальнай бырайыактары туһанан өрөспүүбүлүкэҕэ, улуустарга дьон олоҕун-дьаһаҕын сайыннарыыта буолар. Пуорумҥа Анаабыр улууһуттан 4 делегат кыттыыны ылла: Спиридонова Зинаида Николаевна, Лебедева Зинаида Спиридоновна, Туприна Надежда Владимировна уонна Поскачина Федора Александровна.
Куоракка тиийээт сарсыҥҥы күнүгэр босхо доруобуйабытын көрдөрүннүбүт. Тэрээһин быыһыгар экскурсиялар, араас семинардар буоллулар. Биһиги ХИФУ-га “Воспитание патриотизма в современном обществе: актуальные подходы” диэн хайысхалаах семинарга сырыттыбыт. Семинары история кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент Олга Парфенова иилээн-саҕалаан ыытта.
— ”Оҕону кыра сааһыттан патриот гына иитии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, оҕо 10 сааһыгар диэри ийэ, аҕа тапталыгар убанар. Оҕо истэригэр дьону тарҕатымаҥ, куһаҕаны саҥарымаҥ. Хас биирдии дьиэ кэргэн тус туспа үгэстээх, дьарыктаах буолар. Оҕолорбутун кытары араас сирдэринэн-куораттарынан сылдьан, көрдөрөн-кэпсээн, дойдутугар бэриниилээх, төрөөбүт дойдутун таптыыр, патриот гына иитиэхтээхпит. Оҕо бэйэтин аймахтарын, чугас ыалларын аатттарын билэн улаатыахтаах. Кыра сааһыттан төрөөбүт дойдутун кэрэ көстүүлэрин көрдөрөн, музейдарга сырытыннаран, оҕолорбутун сайыннарыахтаахпыт. “Төрөөбүт кыраайым остуоруйата” диэн саҥа кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Патриотизм диэн араастаах буолар. Оҕолоргутун кырдьаҕастары, төрөппүттэрин убаастыырга, урукку остуоруйалары ааҕан кэпсээҥ”, — диэн түмүктээтэ.
Суорун Омоллоон аатынан судаарыстыбыннай тыйаатырын дириэктэрэ Владислав Левочкин бу курдук эттэ.
— ”Сэрии туһунан киинэлэри киһи харах уута суох сатаан көрбөт. Оҕолору, эдэр ыччаты култуураҕа сыһыарыахха, угуйуохха наада. Тыйаатырга оҕолоргутун үгүстүк сырытыннарыҥ.”
Саха сирин байыастарын дьиэ кэргэннэрин комитетын салайааччыта, Тарбахов үөрэнээччитэ Марина Бахилина Ригаҕа авиационнайга үөрэммит, спортсменка, кэргэнэ байыаннай, 3 уоллаах. 2022 сыллаахха кулун тутар ыйыгар Москваҕа көтөн, “Матери России” аатыттан бэрэсидьиэн В.В. Путины кытары көрсүспүт.
— ”СВО-ҕа сылдьар оҕолорго Донбасска повардаан, ас астаан устудьуоннары кытары волонтердаспытым. Саха сирэ саамай элбэх гуманитарнай көмөнү оҥордо. Сүүһүнэн квадроцикл, посылкалары ыытан көмө баһаам. Оҕолор уруһуйдары, суруктары ыыттылар. Хоту улуустартан “Үрүҥ эһэ” харысхаллары оҥорон ыыппыттара. Саха уолаттара булчуттара бэрдэ, астарын бэйэлэрэ бултанан булуналлар. Олорор сирдэрин бэйэлэригэр сөптөөх гына оҥостон, булан-талан этэҥҥэ сылдьаллар. Уолаттарбыт эчэйбэккэ, хоро кыайыылаах этэҥҥэ дьиэлэригэр кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит”, — диэн эттэ.
«Пуорум биһиги элбэх национальностаах Сахабыт сирин сырдык, муударай, талааннаах дьахталларын түмтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үгэс буолбут духуобунай баайын-дуолун харыстыырга уонна сайдыытыгар тугунан да сыаналаммат оруолу биэрбиккитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын», — диэн сийиэс кыттыылаахтарын СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ уонна наҕараадалары туттартаата.
Биһиги, дьахталлар түмсүүлэрэ, биир санаанан салайтаран дьиэ кэргэммитин харыстыыбыт, оҕолорбутун инники күөҥҥэ таһаарабыт, саастаах көлүөнэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһабыт. Өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһабыт уонна норуоттар доҕордоһууларын сыаналыыбыт. Араас хайысхалаах бырайыактарга кыттан, нэһилиэкпит бары өттүнэн сайдарыгар, олорор олохпут тупсарыгар, бары биир санаанан ылсан үлэлиэҕиҥ. Байыаннай дьайыыга сылдьар аҕаларга, оҕолорбутугар, бырааттарга, ыраах-чугас аймах дьоммутугар ордук туһанар тэриллэрин тигэн, төрөөбүт дойдуларын тыына, кыыла (табата), буора харысхал буола араҥаччылыы сылдьарын курдук буойуннарбытыгар оҥорон саҕалыаҕыҥ диэн ыҥырабыт.