Анаабыр улууһун Сааскылааҕар үүт сыаҕа аһылынна

Анаабыр улууһун Сааскылааҕар Н.Е.Андросов аатынан муниципальнай унитарнай тэрилтэ иһинэн үүт сыаҕа аһыллан үлэтин саҕалаабыт. Олохтоохтор аны мантан ыла бэйэлэрэ оҥорон таһаарар үүттэрин иһэр буолуохтара, атыыга таһаарыахтара. Тэрилтэ дириэктэрэ Александр Михайлов сыах үлэтин-хамнаһын сырдатта.

Хоту сиргэ үүт ас дэлэйиэҕэ 

Тэрилтэбит иһинэн үүт сыаҕа аһыллыыта улууспутугар саҥа сүүрээни киллэрдэ. Сыахпыт саҥа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. Үүтү оҥорор тэриллэри дойду араас эрэги­йиэннэрин собуоттарыттан сакаастаан ыллыбыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 9,5 мөл. солк. субсидия биэрбитэ. Үүтү пастеризациялыыр баалынайдар, кутар, сойутар аппа­рааттар, ону таһынан былаас­тык бытыылкалары оҥорор тэрил, холодильник, гомогенизатор, уу фильтрэ, үүт кутар аппараат курдук тэриллэринэн толору хааччылынныбыт. Бородууксуйабытын үүтү сөргүтүү ньыматынан бороһуоктан оҥоробут. Сырьебутун Ижевскэй куораттан сакаастаан аҕалтарабыт. Түгэнинэн туһанан, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр махталбытын тиэрдэбит. Хоту сиргэ үүт ас оҥоһуллуута сайдыы кэскилин түстүүр.

Суруяна Неустроева, Үрүҥ Хайа оскуолатын дириэктэрэ:
Үүт сыаҕын аһыллыыта олус күүтүүлээх уонна үөрүүлээх бэлиэ түгэн буолар. Биһиги, хоту улуус олохтоохторо, аны бэ­­йэбит оҥорон таһаарар үрүҥ аспытын атыылаһар кыахтаммыппыт үөрдэр. Оскуолабыт остолобуойун аһылыгар үрүҥ аһы киллэриэхпит дии саныыбын.

Мария Протопопова, Үрүҥ Хайа олохтооҕо:
Улууспутугар үүт сыаҕа аһыллан, олохтоохтор бары олус үөрдүбүт. Биһиэхэ үүт аһылык кыһалҕата уруккуттан баара. Онон дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалаах үүт аһылык сыаҕа этэҥҥэ ситиһиилээхтик үлэлээтин диэн баҕа санаабын тиэрдиэм этэ.

Владислав Слепцов, Сааскылаах олохтооҕо:
Уһук хоту сытар улууска үүт сыаҕа аһыллыыта улахан ситиһии дии саныыбын. Үөрүүбүт муҥура суох. Олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтэ тахсара, бородууксуйа оҥоһуллара улууспут сайдыытын түстүүр буоллаҕа.

«Анаабыр алмаастара» үлэһиттэрин үүтүнэн хааччыйыахпыт

Сыахха саҥа ыстаат аһан уопсайа биэс киһини үлэҕэ ыллыбыт. Лабараан, технолог үлэһиттэрбитин Дьокуускайга ыытан таһымы үрдэтии кууруһугар үөрэттэрдибит. Сыахпыт аата «Укумни» диэн, ол аата эбэҥкилии үүт диэн суолталаах.

Сыах күҥҥэ 2000 лиитэрэ үүтү оҥорор кыахтаах. Билигин күҥҥэ 500 лиитэрэ үүтү оҥоробут. Сыыйа уопутуран истэхпитинэ, сыахпыт кыамтатын толору туһаныахпыт дии саныыбын. Былаан быһыытынан, 1000 лиитэрэни оҥорор санаалаахпыт. Оҥорон таһаарар бородууксуйабыт — 2,5%-наах пастериза­цияламмыт үүт, йогурт, иэдьэгэй уонна суорат. Барыта былаас­тык бытыылкаларга кутуллан атыыга тахсыаҕа, балары бэйэбит үрдэрэн оҥоробут.

Бу ыйга саҥа аһыллыбыт буоламмыт, докумуоммут сороҕо ситэ илик. Барыта ситтэҕинэ, үүппүтүн улууспут олохтоохторугар атыыга таһаарыахпыт. Маны таһынан, кэлэр сылга «Анаабыр Алмаастара» тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн, бырамыысыланнаска үлэлиир дьоммутун үүтүнэн хааччы­йыахтаахпыт. Олохтоохтор эмиэ хаһан атыыга тахсарын кэтэһэ аҕай сылдьаллар.

Читайте дальше