Анаабырга удьуор аймахтар күрэхтэһэллэр

Сэтинньи 28 күнүгэр “Алмаас” култуура киинигэр удьуор аймахтар күөн күрэстэрэ саҕаланна. Кыттааччылар үс күн устата күрэхтэһиэхтэрэ.

Уопсайа биэс көлүөнэ кыттыыны ылаллар – Андросовтар, Дьяконовтар, Акакиевтар, Туприннар уонна Слепцовтар. Күрэхтэһии бастакы күнүгэр саахымакка уонна шашкаҕа күөн көрүстүлэр. Оонньуу икки бөлөҕүнэн буолла — 35-тэриттэн үөһээ саастаах биир дьээдьэ уонна биир дьахтар буолан кииристилэр.

Күрэх түмүгүнэн үһүс миэстэни Андросовтар, иккис миэстэни Слепцовтар ыллылар, оттон бастакы миэстэҕэ Акакиевтар таҕыстылар. Кыайыылаахтары кырааматанан уонна мэтээлинэн эҕэрдэлээтилэр.

Иккис күннэригэр саха төрүт оонньууларыгар – хаамыска уонна хабылык быраҕыытыгар кирсиэхтэрэ. Оттон үһүс күннэригэр үс күрэх субуруччу буолуоҕа: волейбол, эстафета уонна канат былдьаһыыта. Бу күн хамаандалары сэргэх күн кэтэһэр. Инникитин кыттааччыларга кыайыыны-хотууну баҕарабыт !