Анаабырга «Үрүҥ көмүс хатырыктаах-2024» күрэх буолла

Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар эр бэрдэргэ муус аннынан балыктааһыҥҥа икки күннээх «Үрүҥ көмүс хатырыктаах» күрэх бэрт сэргэхтик буолан ааста. Быйыл түөрт хамаанда күөн көрүстэ – «Ньоорукаай», «Ноев», «Тостуйа» уонна «Харабыл». Күрэх арыллыан иннинэ сиэри-туому тутуһан сирдэрин-уоттарын аһаттылар, алгаатылар. 

Анаабыр эбэбитигэр хаара анньыллан бэлэмнэммит. Сиргэ тиийээт, кыттааччылар тута олохторун оҥостон, күрэххэ ох курдук бэлэмнээх кэлбиттэрин көрдөрдүлэр. Күрэх усулуобуйатынан балыктыыр сээкэйдэрин кыттааччылар бэйэлэрэ аҕалбыттар. Илимнэрин бэлэмнээн эбэҕэ ииттилэр.

Кыттааччылар уопсайа түөрт түһүмэххэ күрэхтэстилэр. Бастакы күн  «Долган» култуура киинигэр шашкаҕа, тоҥ балык кыһыытыгар уонна ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр. Салгыы урукку сылларга буолбут “Үрүҥ көмүс хатырыктаах” күрэх архыып видеоларын көрдөрдүлэр.

Иккис күҥҥэ эбэҕэ ииппит илимнэрин хостоотулар. Суудьуйалар ким төһөнү бултуйбутун  куулга уган ыйааһыннаатылар. Уопсай түмүгүнэн төрдүс миэстэни «Харабыл», оттон бочуоттаах үһүс миэстэни «Тостуйа» хамаанда ыллылар. Иккис миэстэҕэ «Ноев» хамаанда тигистэ. Бастыҥ кыайыылаах аатынан «Ньоорукаай» хамаанда ааттанна.

 

Кыайыылаахтары грамоталарынан, олохтоох дьаһалта уонна «Долган» култуура киинин аатыттан сыаналаах бириистэринэн наҕараадалаатылар. Бултаммыт балыктары, долганнар үгэстэринэн, нэһилиэк аҕам саастаахтарыгар түҥэттилэр.

Күрэхтэһии биир тыынынан, үөрүү-көтүү аргыстаах ааста. Тойон халлааммыт тымныыта, дьыбара мэһэйдээбэтэ. Муус аннынан балыктааһын — бултааһын биир ураты көрүҥэ. Аһаҕас халлаан анныгар айылҕалыын алтыһан, балыктыыр табыгастаах сири булуу, ойбону алларыы, илимнээһин барыта сонун, интэриэһинэй дьарык буолар. Онон, бэрт сэргэхтик күрэхтэһэн, бэйэ-бэйэҕэ махтанан, этэҥҥэ буолууну баҕаран, бултуйбут дьон сиэринэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.