Билигин ханнык эмтээх оту хомуйабыт

Эмтээх от туһатын туһунан сахалар бары билэбит. Дойдубут эмтээх отунан-маһынан доруобуйаларын бөҕөргөтөөччү кэнники кэмҥэ ордук элбээтэ. Бу туһунан «Үлэ күүһэ» хаһыат суруйар.

Сахабыт сирин айылҕата барыта эмтээх дииллэр, ыам ыйыттан анаан дьарыктаначчылар оту-маһы хомуйан саҕалаабыт буолуохтаахтар.

Билигин ханнык оту, сибэккини хомуйалларый:

Хатыҥ сэбирдэҕэ — ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри.

Үөрэ ото — бэс ыйын 8 күнүттэн от ыйын 1 күнүгэр диэри.

Хаас ото — от ыйын 2-3 күннэрэ.

Оҕонньор ото — от ыйын 7-9 күннэрэ.

Бохсурҕан — от ыйа, атырдьах ыйа.

Харыйа от — от ыйын 11-12 уонна атырдьах ыйын 21-25 күннэрэ.

Тимэх от — от ыйын 20-24 күннэрэ.

Кучу от — от ыйын 15-20 күннэрэ.

Читайте дальше