Cаха кыыһа — сир сиэдэрэй симэҕэ

Саха кыыһын кэрэтин, норуот да номоҕор, айылҕа ытык көтөрдөрүгэр, кубаҕа, кыталыкка, айылҕа дьикти кэрэ сибэккилэригэр, чэчирии үүнэр хатыҥнарга тэҥнээн хоһуйаллара. Кыыс оҕо былыр былыргыттан саха ыалыгар тутаах миэстэни ылара.

Саха кыыһа хаһан да ыарахан үлэттэн толлон турбатынан, кэрэни сыаналыырынан, эйэҕэс, амарах быһыытынан сураҕырара. Ол курдук, саха кыргыттара дьиэни-уоту, үгэстэри олус диэн тутуһаллара. Кыыс оҕо барахсан бу Орто туруу дойдуга күн сырдыгын көрөн, ийэлээх, аҕатын сылаас тапталларыгар бигэнэн, сааһын ситиэр, өйө-санаата туруктаныар диэри сир симэҕин, таас иһит курдук харыстанан, бүөбэйдэнэн, ыраас илдьэ сылдьан иитиллэн тахсара.

Алтынньы 11 күнүгэр кыргыттар Норуоттар икки ардыларынааҕы күнэ 2012 сылтан бэлиэтэнэр. Бу түгэнинэн сибээстээн туран күндү кыталык кыргыттарбытыгар, редакция үлэһиттэрин ааттарыттан итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит, кытаанах доруобуйаны, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьаргытыгар баҕарабыт!

Читайте дальше