«Чуораанчык» оҕо уһуйааныгар элбэх оҕолоох төрөппүттэри чиэстээтилэр

Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларынан сибээстээн иккис нүөмэрдээх “Чуораанчык” оҕо уһуйааныгар элбэх оҕолоох төрөппүттэри чиэстээтилэр.

Ийэлэри чиэстиир бырааһынньыкка ыҥырыылаах ыалдьыттары уһуйаан иитиллээччилэрэ бырааһынньыктааҕы нүөмэринэн көрүстүлэр. Кырачааннар ийэҕэ аналлаах хоһооннору аахтылар, үҥкүү үҥкүүлээн, ырыа ыллаан эҕэрдэлээтилэр.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар уһуйаан сэбиэдиссэйэ Варвара Васильева кэлбит ийэлэри эҕэрдэлээн туран эҕэрдэ сурук туттартаата уонна уһуйаан аатыттан сэмэй бэлэхтэри уунна.

Уһуйаан иитээччилэрэ минньигэс астаах фуршет тартылар, үөрүүлээх тэрээһин хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Сүргэлэрэ бэркэ  көтөҕүллэн, уһуйаан иитээчилэригэр махтанан дьиэлэригэр тарҕастылар.

Читайте дальше