«Харыйалаах хапсаҕайыгар» Анаабыр спортсменнара кыайыы аргыстаннылар

Өлөөн улууһугар Петр Соломонов 70 сааһыгар аналлаах көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга күрэх буолан ааста. Спорт түһүлгэтигэр Анаабыр оройуонуттан 13 оҕо уонна 5 улахан киһи баран кыттан, кыайыы өрөгөйдөөх кэллилэр. Бу туһунан оҕо этин-сиинин сайыннарар оскуола көҥүл тустууга тренера Эрхан Нехоруков сиһилии сырдатта:

— Анаабыр улууһуттан уопсайа 18 спортсмен тустуу күрэҕэр кыттан кэллибит. Өлөөн улууһугар Харыйалаах дэриэбинэтигэр 2 массыынанан суолбутун туппуппут. Үчүгэйдик айаннаан, хата, сылаас күн буолан биэрбитэ. Аара суолга айылҕабытын аһатан, кырса көрөн этэҥҥэ айаннаан тиийбиппит. Түүн 3,5 чааска Харыйалаах оскуола-саадыгар тиийэн түспүппүт. Үчүгэй баҕайытык көрсөннөр, аһатан-сиэтэн хоннорбуттара.

Сарсыарда туран ыйааһыннаммыппыт. 1,5 чаас буолан баран күрэхтэһиибит саҕаламмыта. Бастакынан көҥүл тустууга кыра уолаттар саҕалаабыттара. Онтон көҥүл тустуу кэннэ улахан уолаттарга хапсаҕай ыыппыттара. Ол кэннэ дьэ бүтэһигэр улахан дьон тустубута. Олох бары сымсатык, сытыытык киирсэн барбыттара. Оҕолорго муҥутуур чемпион Спиридонов Толбон буолбута, кини Үрүҥ Хайа оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ. Уонна эр дьоҥҥо абсолютнай чемпион аатын мин, Нехоруков Эрхан, сүкпүтүм.

Спиридонов Толбон уонна Туприн Илья финалга тахсан уун-утары көрсүбүттэрэ. Күүстээх, тыҥааһыннаах киирсии кэннэ Толбон кыайыылаах тахсан кэлбитэ. Онтон абсолюткаҕа эр дьоҥҥо дьоммун кыайталаан финалга тиийэн, Өлөөн уолунаан киирсэн мин эппиэтинэстээх 1 миэстэ буолбутум.

Ити курдук Аҕа дойду көмүскээччи күнүн бырааһынньыгар бары мэтээллээх дьиэбитигэр төннөр чиэскэ түбэспиппит.

Көҥүл тустууга кыайыыны ситистилэр: 26 кг — Максимов Эрсан, 1 миэстэ, 28 кг — Михайлов Ньургун, 1 миэстэ, 30 кг — Назаров Назар, 1 миэстэ, 32 кг — Фадеев Данил, 1 миэстэ, Сергеев Эрхан, 2 миэстэ уонна Сергеев Эрчим, 3 миэстэ, 42 кг —  Антонов Антон, 1 миэстэ, 42 киилэттэн үөһэ — Свечников Ярик, 1 миэстэ.

Тустуу көрүҥнэригэр спортсменнар күүстээх киирсиилэрин, бэйэлэрин бэлэмнэрин, сатабылларын, туох техника оҥороллорун көрдөрбүттэрэ. Уолаттар кыайыыга дьулуурдарын көрдөрөннөр, олус үөртүлэр.

Улахан уолаттарга хапсаҕайга: 45 кг — Туприн Дьулус, 1 миэстэ, 55 кг — Туприн Вианомин, 1 миэстэ, 70 кг диэри — Туприн Алексей — 1 миэстэ (Үрүҥ хайа оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ), 70 киилэттэн үөһэҕэ — 1 миэстэ — Спиридонов Толбон (Үрүҥ Хайа оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ) уонна 2 миэстэ — Туприн Илья (Сааскылаах орто оскуолатын үөрэнээччитэ).

Эр дьоҥҥо: 57 кг – Петров Игорь, 1 миэстэ (оҕо спортивнай оскуолатын тустуу тренера), 65 кг — Неустроев Анатолий — 4 миэстэ (оҕо спортивнай оскуолатын тренера уонна Сааскылаах орто оскуолатын физкультура учуутала), 65 кг — Спиридонов Милан (Үрүҥ Хайа), 75 кг –Туприн Алексей, 3 миэстэ (Үрүн Хайа), 95 киилэттэн үөһэҕэ — 1 миэстэ — Нехоруков Эрхан.

65 кг саамай элбэх кыттааччы баара, тыҥааһыннаах, сытыы киирсии буолбута. Неустроев Анатолий киирсэн, кыранан тиийбэккэ, 4 миэстэ буолбута.

Оҕолор дьонноругар уонна бэйэлэригэр үчүгэй бэлэх оҥоһуннулар диэн эрэнэбит. Махталбытын тиэрдэбит “Алмаас” култуура киинин начальнигар Слепцова Надежда Николаевнаҕа, ДЮСШ директорыгар Протодьяконов Сергей Петровичка, биир дойдулаахтарбытыгар уонна оҕолор төрөппүттэригэр.

Күрэхтэһии кыайыылаахтарын, кыттааччылары барыларын, тренердэри өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, ситиһиилэри баҕарабыт!

Сардана АЛЕКСЕЕВА

Читайте дальше