Харыстыыр сиэккэни өрүүгэ олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ыллылар

Анаабырбыт улууһуттан анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр соруктаах үлэ тиһиктээхтик салҕанар.  Билигин олус наадалаах хаххалыыр сиэккэни оҥорон ыытыыга Сааскылаах нэһилиэгин олохтоохторо көхтөөхтүк кыттыыны ылаллар.

Ааспыт нэдиэлэттэн  «Алмаас» култуура киинигэр «Анаабыр оһуордара» түмсүү тэрийиитинэн нэһилиэк олохтоохторо хаххалыыр сиэккэни баайан саҕалаабыттара.  Нэһилиэк аҕам саастаахтара, эдэр ыччаттара, тэрилтэлэр сүрэхтэрин баҕатынан кэлэн сэмэй кылааттарын киллэрсэллэрэ кыайыыга дьулууру эбэллэрэ кэрэхсибиллээх. Илиилэрин сылааһынан угуттаан, уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар ис сүрэхтэн тахсар алгыһынан арчылаан, уолаттарбыт дойдуларыгар эргиллэллэригэр олохтоохтор баҕа санааларын этэллэр. “Анаабыр оһуордара” түмсүү тэрийиитинэн алта харыстыыр, хаххалыыр сиэккэ өрүлүннэ.

Хаххалыыр сиэккэлэр уолаттарбытыгар харысхал, дурда-хахха буоллуннар. Төрөөбүт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт.

Читайте дальше