Сайын аайы уоппуска ылаат, Сахабыт сирин улуустарынан туристыы барар идэбитинэн дьүөгэбиниин, Клавдия Захаровалыын, Анаабыр улууһугар от ыйын 28 күнүгэр хаһан да сылдьыбатах сирбитигэр, Сааскылаахха көттүбүт. Көтөр аал түннүгүнэн көрдөххө, Анаабыр эбэ тула туундара нэлэһийэр, онон-манан хаардаах сирдэр көстөллөр. «Тус хоту сир оройугар кэллибит ээ», — дэһэбит. Онно биир дьүөгэбит, Лаана Раева кыстаан олорор. Эргиччи киирбэт күннээх уһук хоту улууһу көрөр баҕаттан “күүлэйдии тиийиэхпит” диэн эрдэ үлэспиппит. Кыыспыт портка киирэн, хоту дойду киһитин ыалдьытымсах сиэринэн сандалы хотойорунан эмис балыгынан, таба этинэн күндүлээн көрүстэ.
Сааскылаахха саҥардыы итийэн сайыннара дьэ кэлбит этэ. Күүлэйдии кэлбит дьон быһыытынан, Анаабыр эбэ кытылынан күн аайы киирэн дьаарбайабыт. Дьикти таас бөлкөй-бөлкөй хайалардаах дойду эбит, былыргыта вулканическай төрүттээх курдуктар. Сир симэҕэ сибэкки арааһынайа элбэх. Уруккута убаҕас оттоох-мастаах эбит буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга ото-маһа быдан хойдубут.
Атырдьах ыйын 1 күнүгэр Лаанабытыныын үһүөн Үрүҥ Хайаҕа «подушканан» айаннаатыбыт. Сааскылаахтан суол ороскуота 500 солкуобай, нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьар. Эмиэ буоларын курдук күүлэй дьоно, көҥүл туристар Үрүҥ Хайаҕа тиийээт, хотугу сир дьиктитин, кистэлэҥин көрө-билэ Анаабыр эбэ кытылыгар эҥин-эгэлгэ аммонит, абааһы тарбаҕа — былыргы кальмар бииһин ууһа, ракушкалар таастыйбыттарын буллубут, кустук араас өҥүн бу сүүс мөлүйүөн сыл аннара өттүгэр үөскээн ааспыт харамайдар уҥуохтара өссө да сүппэккэ сыталларын көрөн улаханнык сөхтүбүт. Олохтоох дьон көмүс көрдүүллэр дуу диэхтэригэр диэри, астына-дуоһуйа кытылы батыһа хас эмэ үйэ тухары уу-хаар суурайан таһаарбытын көрдүбүт-иһиттибит, көрдөөтүбүт, буллубут.
Иккис күммүтүттэн «Үлэ Дьоруойа Илья Спиридонов аатынан табаны иитэр-бултуур тэрилтэ» МУП хонтуоратыгар тиийэн директор Роман Дмитриевич Туприны көрсөн, билсэн «Таба ыстаадаларын, муораны көрүө этибит», — диэн кэпсэттибит. «Маннык күүстээх тыалга акаарылар эрэ муораҕа бараллар»,- диэн дьоммут күлсэллэр. Онон «тыал уурайдаҕына», — диэтилэр. Ол курдук төрдүс күммүтүгэр эбиэт кэннэ Лаптевтар муораларын көрөр дьолго тиксиэх курдук буоллубут, икки мотуорканан. Хата барар буоллубут диэн үөрүү-көтүү, дьол бөҕөбүт. Лаанабыт күлэр, кинилэр «эбиэттэрин кэннэ» киэһэлик буолуо диэн. Хоту дойду дьоно чахчы наҕыл дьон эбит. Ыксыыр киһини сөбүлээбэттэр. Биһиги, дойду дьоно, сарсыарда эрдэттэн түбүгүрэр буоллахпытына, кинилэр наҕылыччы турар-олорор дьон буолан биэрдилэр.
Ыстаадаҕа айан
Сарсыныгар биир мотуоркабыт аккаастаан кэбистэ, онон Лаанабыт хаалан хаалла. Биһиги Семен Леонидович — суоппар, Ануфрий Ануфриевич — зоотехник Туприннары кытта, Анаабыр өрүс устун муораҕа түһэн, онтон үрэҕинэн тахсан төрдүс ыстаадаҕа айаннаатыбыт. Кып-кыра мотуорканан туундара үөрүйэх уолаттарыгар эрэнэн, муора үллэр долгунугар уйдаран уҥуоргута көстүбэт күөх далайынан көтүтэн иһэбит.
Аара овцебыктары, сараабыт хаас үөрүн, кус бөҕөнү көрөн сөхтүбүт. Эрдэ кэпсэтиинэн кытылга квадроцикл хаалларбыттар, син өр онтубутун көрдөөн үрэҕинэн төттөрү-таары сүүртүбүт. Хата буламмыт балай да өр туундаранан айаннаан, Үрүҥ Хайаттан эбиэттэн киэһэ түөртэн хоҥнон баран түүн иккигэ ыстаадабытын буллубут. Табаһыттарбыт кэтэһэн утуйбакка сылдьаллар эбит.
Ыстаада ыаллара
Үс ыал олорор эбит. Икки эдэр, биир саастаах ыал. Эмдэй-сэмдэй оҕо бөҕө. Биир үһүс кылааска үөрэнэр куп-кугас баттахтаах кыысчаан телефонугар видео көрдөрө-көрдөрө табаҕа дьонноругар хайдах көмөлөһөллөрүн кэпсээтэ. Чуум үлэһитэ, эп-эдэр Марианна кыыс ас бөҕөнөн көрүстэ, таба эттээх соркуой, ириистээх ыһаарыламмыт кыһыл балык, бэрэски, алаадьы.
Василий Ануфриевич, Марианна 2007 сыллаахха ыал буолбуттар, икки оҕолоохтор, убайа Уйбаан кэргэнэ Анна алта, Афанасий Мария биэс оҕолоохтор. Сүрдээх элэккэй, кэпсэтинньэҥ дьон. Уолаттар оҕо эрдэхтэриттэн табаһыттар. Эдэркээн, кэрэ бэйэлээх, үрдүк үөрэхтээх кыргыттар кэргэттэрин батыһан чуум үлэһитинэн сайыны быһа, күһүн оҕо оскуолаҕа киириэр диэри үлэлииллэр эбит. Уйбаан Туприн 2004 сылтан биригэдьиирдиир. Үлэни сөбүлүүр, үлэһит дьон буолаллара олохторун-дьаһахтарын хайдах дьаһанан, дьиэлэрин-уоттарын хайдах тутан олороллоруттан көстөр. Барыта уурбут-туппут курдук орун-оннугар. Табалара да элбэҕэ, көрөллөрө-истэллэрэ, таба туһугар кыһаллаллара дьиҥ-чахчы үлэһит хоһуун дьон. Олус диэн киэн тутта, кэрэхсии көрдүбүт. Иккилии хоно-хоно көһөн иһэллэр эбит. Олорор болохторун онно сөптөөх гына ис-тас бүрүөһүнүн, каркаһын оҥостубуттар. Техника өттүгэр бураннардардаахтар, квадроцикл. Вайфай, интернет баар. МУП аһынан-үөлүнэн хааччыйар эбит. Хас болох аайы бурдук астарын астаналларыгар урукку сэбиэскэй кэмнээҕи сэлээркэнэн умайар примустаахтар. Бэрт абыраллаах тэрил.
Оҕолор сайынын дьонноругар көмөлөһө, үлэҕэ такайылла лааҕыр курдук сылдьыһаллар. Кыһалҕалара диэн, бэтэринээр тиийбэтэ эбит. Ону ол диэбэттэр, уолаттар бэйэлэрэ табаҕа сыһыаннаах дьон буолан хайа да бэтэринээрдээҕэр ордук тутан-хабан эмтииллэр. Дьиҥэр, билиҥҥи цифровизация үгэнигэр, бордууксуйаны батарыы, производствоҕа сыһыаннаах араас уларыйыылар тахса турар кэмнэригэр специалист хайаан да наада. Эмтэрин-томторун туох наадатын көрөн директордара Новосибирскайтан сакаастаан ылар. Дьиҥнээх табаһыт, хоһуун үлэһит — киһи директор Роман Дмитриевич Туприн. Биһигини бу ыытан баран бэйэтэ Красноярскай быыһыгар баар ыстаадаҕа барбыт этэ.
Төрдүс ыстаада үс ыалыгар олус бэркэ ыалдьыттаан, үлэни-хамнаһы билсэн баран киэһэ уон ааһыыта аны муора кытылыгар баар иккис ыстаадаҕа айаннаатыбыт. Туман түһэн иннибитигэр «үллэр-баллар хоту байҕал», тула өттүбүгэр онтон атын туох да көстүбэт. Балайда өр оннук «дыыгынатан» истибит. Испитигэр кырата суох куттал үөскээтэр да, бардыбыт да, бардахпыт дии. Сол курдук айаннаан истэхпитинэ «Земляя» диэн кыра хамаанда иһигэр үөрүү-көтүү, халлааммыт кытта арыллан сэргэхсийии буолла. Сарсыарданан ыстаадабыт көһүннэ, аны муорабыт уута түһэн «море по колено». Киириэхтээх үрэхпит тэйэн хаалбыт. Муора уута эбиллэрин кэтэстибит. Уубут эбиллибитин кэннэ ыстаадабытыгар үрэҕинэн дьэ киирдибит.
Кытыы болоххо Красноярскай сахата Чуприн Алексей кэргэнинээн Варялыын чэйдэттилэр. Болох итиититтэн түүнү быһа харахпытын симпэтэх дьон дэлби утуктааммыт дьоммут оронноругар утуйа түһэн ыллыбыт. Турбуппут табаһыттарбыт үлэлээн-хамнаан ырааппыттар. Түөрт ыал олорор, манна табаһыттар дьиэ кэргэнинэн үлэлииллэр. Наставник Попов Валериан Николаевич кэргэнинээн Прасковьялыын уонна уолаттара, кийииттэрэ, сиэннэрэ. Биригэдьиир — улахан уол Анатолий Валерианович. Муора кытыытыгар туустаах буолан табалар сөбүлээн сылдьаллар, мэччийэллэр. Түүлэрэ-өҥнөрө, туруктара тупсар. Ыстаадаҕа сарсыардаттан үлэ күөстүү оргуйар. Эр дьон табаларын көрөллөр-истэллэр, мөлтөх туруктааҕы тута эмтииллэр, айахха сииллэригэр таба астыыллар. Кыргыттар таба иһин сууйаллар, тириитин эмиэ сууйан, сири тэҥнээн баран кыра маһынан чыырпаан оҥорон, тулатын анньан тэнитэн куурдаллар, тыһын маска тиирэн хатара уураллар.
Ол быыһыгар оҕолор муора кытыытыттан нерпа оҕотун уу бырахпытын таһаарбыттар. Ону сүлэн тириитин тиирдилэр, суумка тигиэхпит дииллэр кыргыттар. Оҕолор да туһалара баһаам. Обургу уолаттар улахан дьону кытта туох баар үлэҕэ тэҥҥэ сылдьаллар: табаны манааһын, уу баһыыта, оттор мас бэлэмнээһинэ уонна да атын үлэ баһаам. Оҕолор ыстаадаҕа сайылыылларын олус сөбүлүүллэр эбит. Кырачааннар да олох айылҕа оҕолоро, наһаа астыктык маамыкта быраҕа оонньууллар ээ. Улахаттары көрө сылдьан барыга бары үөрэнэллэр буоллаҕа.
Эбиэттэн киэһэ иллэҥсийэн ким балыктыы, муора кытылынан ону-маны көрө тарҕастылар. Муора уута түргэн баҕайытык тахсар кэмигэр илим үтэн балыктыыллар. Дьахталлар түбүктэрэ ол тухары бүппэт. Ким оҕуруолуур, ким таҥас-сап сууйар, бэрийэр. Наһаа үчүгэй итии күн туран биэрдэ. Киэһэлик муора уута кытылга тахсыыта Үрүҥ Хайалыыр буоллубут. Аны туран бараары уолаттар көрүммүттэрэ мотуоркабыт рулевой торуоһа быстан хаалбыт. Ону мас була охсон илиинэн салайар гына оҥоро оҕустулар уонна дьэ баҕабытын толорон икки ыстаадаҕа дуоһуйа ыалдьыттаан, уйаара-кэйээрэ биллибэт туундара олоҕун, дьонун-сэргэтин кытта билсэн-көрсөн тоҕус ааһыыта хоҥуннубут. Аара илим көрдүбүт. Варялаах Алексей илимнэрин хостуу сылдьаллар. Эчи үчүгэйиин балыктар кылапачыһан тахсаллара. Балык тутан хаартыскаҕа түстүбүт. Алексейдаах балык бэристилэр. Сырыыбыт буоларын курдук олус диэн табылынна. Күммүт туран биэрдэ. Бииргэ айаннаабыт уолаттарбытыгар Ануфрийдаах Сэмэҥҥэ махталбыт муҥура суох. Сарсыарда алтаҕа дойдубутун буллубут.
Байанай бырааһынньыга
Силикпитин ситэрэн Үрүҥ Хайаҕа Байанай бырааһынньыгар сырыттыбыт. Нэһилиэк биэс түөлбэтэ ыһыахтыыр сирдэригэр сабыс-саҥа маһынан ураһа оҥорон, онно түөлбэлэр долган омук дьэрэкээн таҥаһын таҥнан ас-үөл арааһын тарпыттар, симээбиттэр-киэркэппиттэр.
Культура киинин директора Сергей Сыроватскай бэйэтинэн уһана сылдьарын эрдэ көрбүппүт. Бырааһынньыкка ырыа-үҥкүү арааһын иһиттибит-көрдүбүт, вокальнай-инструментальнай ансамбль ырыаһыттарын астынныбыт. Ыалдьытымсах ураһаларга ас-үөл арааһын тардыбыттар, Надежда, Федот Туприннарга ыалдьыттаатыбыт. Эбиитин кус, хаас, балык кэһиилээтилэр. Булчуттар күрэхтэрин сэргэхтик тэрийбиттэр, олохтоохтор бары эдэрдиин-эмэнниин олус көхтөөхтөр.
Махтал мааныта буолуохтун! Бу сырыыбытыгар бары алтыспыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Маннык хорсун-хоодуот, элэккэй майгылаах, ыалдьытымсах дьонноох-сэргэлээх буолан, бачча тыйыс дойдуга бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн-өйдөһөн, тулуйан-тэһийэн олорор буоллахтара. Хотугу сир хоһуун үлэһит дьонугар баҕарабыт олоххут-дьаһаххыт эбии сайда-тупса, кэскилгит кэҥии, саргыгыт салалла турдун, өрүү чэгиэн-доруобай сылдьыҥ, дьоллоох-соргулаах буолуҥ!
Бэтэрээн туристар Клавдия Захарова, Людмила Борисова-Чэлгийэ
Бу 60 саастарын быдан ааспыт биһиги киэн туттар, холобур оҥостор бойобуой эдьиийдэрбит быйыл өссө биир маннык ыраах, экстрим айаҥҥа баран кэлэннэр биһигини өссө биирдэ сөхтөрдүлэр. Этэҥҥэ эрэ сылдьыҥ, инникитин даҕаны, баҕа санааҕытын олоххо киллэрэ туруҥ!