Олунньу 5 күнүттэн Сааскылаах иһигэр тестовай автобус сүүрүө

Нэһилиэккэ автобус сырыыта олохтоноро олус да кэтэһиилээх сонун буолар. Аны мантан ыла нэһилиэнньэ таксинан эрэ буолбакка, автобуһунан удамыр сыанаҕа айанныыр кыахтаныа.

Олунньу ый 5 күнүттэн нэһилиэк иһигэр бастакы тестовай автобус сырыыта былааннанар. Бу күннэргэ быстах бириэмэҕэ тохтобул бэлиэлэрэ баар буолуохтара. Онтон сайыҥҥы бириэмэҕэ олохтоох көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагырааманан (ППМИ) автобус тохтобулларын туруоруу үлэтэ саҕаланыаҕа.

Бөһүөлэк иһигэр 13 миэстэлээх газель «Бизнес» диэн ааттаах автобус сүүрүө, Квартальная, Тундровая, Кэскил, Ю.Туприна, Октябрьская уонна Авиапортовская уулуссаларынан хайысхаланыа. Уопсайа сэттэ тохтобулу оҥоруо. Ол курдук тиһэх тохтобуллара «Квартальная» дьиэтэ уонна «Аэропорт» оройуона буолар. Уонна «Сладкий мир», «Сайдыы», «Лидер» маҕаһыыннарынан таҕайан, «Алмаас» култуура киининэн улуус дьаһалтатын дьиэтигэр тохтобуллары оҥоруо. Төлөбүрэ 50 солкуобайга тэҥнэһиэ, маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай чэпчэтиилэр көрүллүөхтэрэ. Автобус сырыытын араспысаанньата билиҥҥитэ биллэ илик.

Нэһилиэкпит сылтан сыл улаатан-кэҥээн, сайда турар. Онон автобус сырыыта баар буолара олус да киһини үөрдэр. Тэйиччи турар микрорайоннарга, кырдьаҕастарга да, оҕолорго да түһэллэригэр-тахсалларыгар олус наадалаах дии саныыбыт.

Читайте дальше