Онкодиспансер кылаабынай бырааһа: «Саҥа онкологическай киин медицинаны саҥа таһымҥа таһаарыаҕа»

Дьокуускай олохтоохторо «Вместе с президентом» диэн саҥа баннердарга болҕомтолорун уурдулар. Манна биирдэстэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева мэтириэтэ ойууламмыт. Биһиги киниттэн олунньу 2 күнүгэр дойду президенэ Владимир Путин видеосибээс нөҥүө арыйбыт саҥа онкодиспансер үлэтин туһунан ыйыталастыбыт.

— Татьяна Ивановна, онкодиспансер туһунан, баһаалыста, кэпсиэҥ дуо? Туох сыал-сорук турарый уонна ону хайдах быһаараҕыт?

— Онкодиспансер – Уһук Илин федеральнай уокурук биир саамай бөдөҥ медицинскэй киинэ буолар. Манна ыарыыны быһаарыыттан саҕалаан, эмтээһини уонна эпэрээссийэни оҥоруохпут. Биһиги Саха сирин бары улууһун дьонугар үрдүк таһымнаах көмөнү оҥоробут. Маны тэҥэ, Россия атын субъектарын олохтоохторугар көмөлөһөбүт. Биһиги сыалбыт – Саха сирин олохтоохторугар хаачыстыбалаах, туһалаах көмөнү оҥоруу, өлүүнү аччатыы, ыарыһахтар олохторун хаачыстыбатын үрдэтии.

— Саҥа онкодиспансерга эмтэниигэ туох усулуобуйалар тэрилиннилэр?

— Биһиги диспансербытыгар ыарыыны быһаарарга уонна эмтииргэ сыһыаннаах билиҥҥи кэм ирдэбилигэр барытыгар эппиэттиир медицинскэй тэрил, үрдүк кылаастаах персонал, ол иһигэр спектральнай 260-наах компьютернай томограф баар. Бу олус күүстээх томограф, бүөр, ноор, быар искэн ыарахан, дэбигис көстүбэт ыарыыларын эндэппэккэ булар үрдүк хаачыстыбалаах.

Барыта 1880 медицинскэй оборудование, ол иһигэр МРТ, КТ, рентген комплекстар о.д.а. бааллар, 8 эпэрээссийэлиир саалалаахпыт, манна 2-гэр күнүскү стационар уонна поликлиника салаатынан ыытыллыбыт пациеннарга дьоҕус эпэрээссийэлэри оҥоробут.

— Саха сиригэр искэн ыарыытын туругун хайдах сыаналыыгын?

— Саха сирэ орто көрдөрүүлээх регионнарга киирсэр. Ол эрэн, кэнники 10 сылга бу көрдөрүү тубуста. Ол диагностика хаачыстыбата үрдээбитин көрдөрөр, диагноз бириэмэтигэр сөптөөхтүк туруоруллар, чинчийии ньымата сайдар, диспансеризация уонна профилактическай көрдөрүүлэр хаачыстыбалара тупсар. Бастакы миэстэҕэ тыҥа, иккискэ эмиий, үһүскэ быар искэнэ тураллар.

— Искэн ыарыыны кытта охсуһарга судаарыстыба таһымыгар төһө болҕомто уурулларый?

— Саха сиригэр бүтүн дойдуга курдук искэн ыарыыларыгар болҕомто үрдүк. Дойдуга искэн ыарыыларын кытары охсуһарга государственнай программа баар. Бу программа нөҥүө үп-харчы, оборудование, каадырдары үөрэтии, научнай чинчийиилэр о.д.а. үлэлэр ыытыллаллар уонна көрүллэллэр. Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэбит салалтатыттан олус улахан өйөбүл баар. Маныаха дойду президенэ Владимир Путин өҥөтө улахан. Мин киниэхэ олус убаастабыллаахтык сыһыаннаһабын. Кини муударай уонна күүстээх лидер. Биһиги дойдубутун көмүскүүр кыахтаах, сайдыыга уонна бигэ турукка тиэрдэр аан дойдуга сабыдыалын уонна аптарытыатын күүһүрдэр кыахтаах салайааччы быһыытынан көрөбүн. Мин кини эрчимин, күүһүн-уоҕун, быһаарыытын, эппиэтинэһин сөҕөбүн. Доруобуйа харыстабылыгар улахан болҕомтотун уурарыгар уонна искэн ыарыыны утары охсуһууга боппуруостары быһаарарын иһин киниэхэ махтанабын. Кини тустаах өйөбүлүнэн, биһиги аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир онкодиспансерданныбыт.

Читайте дальше