Сааскылаах иистэнньэҥэ Анастасия Винокурова уран оҥоһуктарынан үөрдэр

Иис сахаларга урут-уруккуттан хааммытыгар баар. Билигин биһиги ортобутугар талааннаах иистэнньэҥнэр, норуот маастардара аҕыйаҕа суохтар. Кустуктуу субуллар оһуор быысапкалары, сахалыы тыынынан илгийэр кылтан, сиэлтэн оҥоһуктары, туостан көбүөрдэри, сэлээппэлэри, халадаай былааччыйалары, оноолоох соннору, хаһыаччыктары о.д.а. саха дьахталлара ис сүрэхтэриттэн тигэллэр. Бу тигиилэргэ төһөлөөх дууһа сылааһа ууруллубута буолуой диэн киһи сөҕө эрэ саныыр.

Хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта — саха нарын Далбар Хотуна, айылҕаттан айдарыылаах иистэнньэҥ Анастасия Винокурова. Улууска кини уран тарбахтарынан тикпит кэрэ-мааны таҥаһын-сабын сыаналаан кэппит киһи элбэҕэ буолуо.

Анастасия Христофоровна Анаабыр оройуонугар Сааскылаах сэлиэнньэтигэр 1952 сыллаахха от ыйын 14 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Оскуола кэнниттэн Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Төҥүлү нэһилиэгэр баар СПТУ училищетын куурсун бутэрэн, «эр киһи таҥаһын тигээччи» идэтин ылбыта. Дьокуускай куоракка 1975-1978 сылларга иистэнньэҥинэн үлэлээбитэ. Тэҥҥэ үлэлии сылдьан, таҥас кырыйааччы курсун бүтэрбитэ кини олоҕор олус туһалаах идэ буолбута.

Үөрэҕин бүтэрээт, төрөөбүт дойдутугар төннөн, 1978 сылтан 1992 сылга диэри «Бытовой комбинатка» закройщигынан үлэлээбитэ. Бу дьыл, 1992 сыллаахха, Сааскылаах орто оскуолатыгар сөбүлээн талан ылбыт идэтинэн сахалыы тигиигэ уонна идэтигэр өр сылларга үлэлээбит уопуттаах. Баардаах баара батарбат диэбиккэ дылы, санаата син биир иис үлэтигэр тардыһа турара. “Производственнай үөрэхтээһин маастара” куруһуогу салайан ыыппыта. Бу куруһуокка элбэх оҕо дьарыктаммыт буолуохтаах. Сороҕор сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри оскуолаҕа уһун күнүн билбэккэ атаарара. 2012 сыллаахха үлэтин түмүктээн уонна билигин сынньалаҥҥа олорон нэһилиэнньэттэн сакаас ылан үлэлии сылдьар. Оскуолаҕа үлэлээбит ыстааһа 20 сыл буолар.

Анастасия Христофоровна Лидия Егоровна Алексеевалыын алтыһан бииргэ үлэлээбит сылларын олус күндүтүк саныыр. «Мастерскойга үлэлии сылдьан элбэҕи сүбэлээбит-амалаабыт киһим, кини билэрэ-көрөрө элбэҕэ, араас быыстапкаларга оҕолор үлэлэрин элбэхтик таһаарбыта, ардыгар утуйар уубутун умнан туран үлэлиирбит. Өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин кэлэр көлүөнэҕэ кыһаллан туран кыаҕа баарынан тиэрдэ сатыыра», — диэн бэлиэтээн эттэ.

Анастасия Христофоровна биһиги улууспут уран тарбахтаахтарыттан биирдэстэрэ. Нэһилиэк олохтоохторугар сакааска элбэх таҥаһы-сабы илиитигэр бу талааннаах киһи тикпитэ. Улууска киэҥник биллэр «Алмазы Анабара» үҥкүү ансаамбылын үҥкүүһүттэрин көстүүмнэрин тигиигэ, эскииһин толкуйдуурга Анастасия Христофоровна көмөтө, өйөбүлэ улахан.

Күн аайы сөбүлүүр идэтиттэн дуоһуйууну ылар, сөбүлүүр дьарыгыгар таба тайаммытыттан үөрэр. Билигин араас былааччыйалары, көстүүмнэри, сахалыы таҥастары уонна да атыттары барытын тигэр. Биирдиилээн дьоҥҥо эрэ буолбакка, үнкүү ансаамбылларын кытта үлэлэһэр. Үксүн дьахтар аймах кэлэр эрээри, эр дьон биирдиилээн бааллар эбит.

Анастасия Христофоровна иллэҥ кэмигэр да иистэн сынньаммат. «Мээнэ тэлэбиисэр көрө-көрө сытарбын сөбүлээбэппин. Иистэн хаһан да сылайбаппын, салҕыбаппын, тоҕо диэтэххэ барытын былааннаан үлэлиибин. Сайынын айылҕаҕа сынньанарбын сөбүлүүбүн, сир астыыбын. Төгүрүк сыл тохтоло суох үлэлиибин», — диэн этэр.

Бу курдук Сааскылаах сэлиэнньэтиттэн уран тарбахтаахтарыттан биирдэстэрэ, норуот маастара Анастасия Христофоровна биһиги кэккэбитигэр үлэлии-хамныы сылдьарыттан үөрэбит, киэн туттабыт. Инникитин даҕаны дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буола сылдьаргар баҕарабыт уонна хаһыаппытыгар ыалдьыттаабытыгар махталбытын тиэрдэбит.

Мария Яроева 

Читайте дальше