Сааскылаах оскуолатын үөрэнээччилэрэ Чурапчыга “Снежный барс” оонньууга кытыннылар

Чурапчы улууһугар XXV республикатааҕы байыаннай-спортивнай оонньуулар буолан ааста. Быйыл үгэс буолбут эдэр патриоттар күрэхтэһиитэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар «Боотур» этэрээккэ анаммыт. «Снежный барс» республикатааҕы байыаннай-спортивнай оонньуу финалыгар 14 байыаннай-патриотическай кулууп уонна юнармейскай этэрээт 8 конкурстаах түһүмэхтэргэ күрэхтэстэ. Оонньуу сыала — үүнэр көлүөнэни патриотическай иитии, байыаннай сулууспаҕа бэлэмнээһин уонна чөл олоҕу пропагандалааһын. Санатан эттэххэ, Саха сиригэр «Снежный барс» оонньуу 2000 сылтан ыытыллар.

Анаабыр улууһуттан Сааскылаах орто оскуолатын «Бойцы Арктики» этэрээтэ кытынна. Үөрэнээччилэри Вадим Туприн, физическэй культура учуутала салайан илдьэ сырытта. Этэрээккэ хамандыырдыын уон оҕо кыттыыны ылла.

Финальнай түһүмэх иннинэ бары оройуоннарга муниципальнай сүүмэрдиир түһүмэхтэр ыытылыннылар, онно 3500-тэн тахса үөрэнээччи холонно. Бырагыраамаҕа Аҕа дойду остуоруйатынан тестированиета, хамаандалары көрүү-истии, ырыаны-тойугу көрүү-истии, общественнай бэлэмнээһин уонна военизированнай эстафета киирдилэр. Күрэхтэһии кыттыылаахтара Чурапчы улууһун музейдарыгар уонна пааматынньыктарыгар, хорсун быһыы уруоктарыгар сырыттылар, уонна доҕордоһуу киэһэтэ ыытылынна. Биһиги байыастарбыт конкурсу тэрийиигэ профессионализмы бэлиэтээтилэр уонна элбэх туһалаах өйү-санааны уонна саҥа уопуту ыллылар.

Этэрээт хамандыыра Гавриил Спиридонов:

— Куораттан Чурапчыга диэри икки чаас айаннаан тиийбиппит. Көрсүө-сэмэй баҕайы дьонноох сир эбит, олохтоохтор үчүгэй баҕайытык көрсүбүттэрэ. Араас оройуоннартан кыттааччылар элбэх баҕайы этилэр. Чурапчыга икки күн супту күрэхтэспиппит. Күрэххэ бастакы да миэстэ буолбакка, биэс миэстэ иһинэн баар буолуохпут дии санаабытым. Атын хамаандалар хаһыс да кыттыылара буолан күүстээх бэлэмнэрэ көстөр-биллэр этэ. Биһиги бастакы сырыыбыт буолан, долгуйдубут дуу диэххэ сөп. Аныгыскы күрэххэ хамаандабыт үчүгэйдик, күүстээхтик бэлэмнэн миэстэлэһиэхтэрэ диэн баҕа санаалаахпын. Бу сылдьан атын хамаандалары көрөн син үөрэх, уопут ыллыбыт диэххэ сөп.

Читайте дальше