Сааскылаахха бастакы харыйа турда

Сэтинньи ыйбыт ортолоон, Саҥа дьылга бэлэмнэнии саҕаланна. Саҥа дьылы бары сөбүлүүбүт, биир саамай күүтүүлээх, кэтэһиилээх бырааһынньыкпыт буолар.

Сааскылаахха Н.Е. Андросов аатынан пааматынньык аттыгар бастакы харыйа номнуо бэлэм, киэргэнэрэ эрэ хаалла. Харыйа анныгар муус оҥоһук кэрэ көстүүлээх таба уонна кэлэр сыл бэлиэтэ — эриэн үөн киэргэл буолуохтара. Сэтинньи 30 күнүгэр улуус бастакы харыйатын араас уотунан күлүмүрдэтэн сандаардыахтара.

Маҕаһыыннарга күүтүүлээх аптаах бырааһынньык сүрүн бэлиэлэрэ —  күлүмүрдэс оонньуурдар, бэлэх эгэлгэтэ номнуо атыыга таҕсыбыттара. Сотору кэминэн нэһилиэкпит иһэ араас дьэрэкээн уоттарынан сандаарыаҕа, килбэйэ киэргэниэҕэ. Кэтэһиилээх саҥа дьылбыт тиийэн кэлиэ!

Читайте дальше