Сааскылаахха саҥа бэкээринэни арыйдылар

Бүгүн Сааскылаах нэһилиэгин Кэскил уулусса, 13/1 аадырыһыгар саҥа бэкээринэ үөрүүлээх сүрэхтэниитэ ыытылынна. Эбийиэк 100% олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэн тутулунна. Былаан быһыытынан бэкээринэ биир сменаҕа уопсайа 700 киилэ килиэп араас көрүҥүн астыахтаах.

Быйыл Сахабыт сиригэр Үлэ сыла буоларын быһыытынан, үгүс сыралаах үлэ түмүгүнэн, уһук хоту олорор Анаабыр улууһун киинигэр туох баар ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир сабыс саҥа эбийиэк, килиэп араас бородууксуйатын астыыр бэртээхэй бэкээринэ бары силигэ ситэн, Сааскылаах олохтоохторун үөрдэр, аанын арыйар айхаллаах күнэ сүрэхтэннэ.

Н.Е.Андросов аатын сүгэр, элбэх хайысхалаах муниципальнай унитарнай тэрилтэ бу саҥа бэкээринэни тутан, үлэҕэ киллэрэн бары олохтоохторго улахан бэлэҕи оҥорбутунан, туһааннаах тэрилтэ үлэһиттэригэр дириҥ махталларын тиэрдэн туран, тэрээһиҥҥэ мустубуттар дохсун ытыс тыаһынан уруйдаатылар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ саҥа бэкээринэҕэ киириигэ кыһыл лиэнтэни кырыйар чиэскэ кытыннылар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Никифоров, Анаабыр национальнай (дулгаан-эбэҥки) улууһун аҕа баһылыга Эдуард Платонов, Н.Е.Андросов аатын сүгэр элбэх хайысхалаах муниципальнай унитарнай тэрилтэ дириэктэрэ Александр Михайлов.

Килиэп астыыр дьоҥҥо айхал-мичил тылларын дорҕоонноохтук хатылаан кэлбит дьон минньигэс сыттаах бэкээринэҕэ үөрэ-көтө киирдилэр.

Үтүмэн үлэ ыйааҕынан
Үүнүү-сайдыы суолунан
Анаабыр дьоллоох бар-дьоно
Айыҥ-тутуҥ, астаан-түстээҥ!

Түмсүүнэн — сайдыыга, үлэнэн — үрдэлгэ, диэн соруктаах Анаабыр улууһа социальнай-экономическай сайдыыта эрэллээхтик инники хардыылаан иһэр. Ол курдук, бу Үлэ сылыгар элбэх социальнай хайысхалаах эбийиэктэр үлэҕэ киирэ тураллара олохтоохтору үөрдэр. Ол аата олохпут тупсан иһэрин туоһута буолар.

Тэрилтэ барыта 5 үлэһиттээх, 2 сменанан үлэлиир буолар. Ол курдук түүҥҥү уонна күнүскү сменалар бааллар. Уопсайа 2 биэкэрдээх, 2 биэкэр көмөлөһөөччү баар, 1 рабочайдаахтар.

Бастакы смена түүн үлэлиир, ол түмүгэр 180 устуука килиэби уонна араас батоннары, багеттары астыыллар.
Иккис смена күнүскү буолар. Манна араас кондитерскай астар: тортар, пирожнайдар, рогаликтар, коржиктар, рулеттар, бэчиэнньэлэр астаналлар.

Тэрилтэ барыта сабыс сана тэрилинэн толору хааччыллыбыт. Ол курдук, 2 улахан оһох, 2 расстоечнай шкаф, электроэнергия көмөтүнэн тиэстэ мэһийэр, планетарнай миксер о.д.а. араас тэрил баар.

Бэкээринэ салайааччытынан Александра Туприна-Мигалкина буолар. Үлэһиттэрэ бары олохтоох эдэр дьон. Онон дьэ сып-сылаас сабыс саҥа бэкээринэ хаһаайкатыгар уонна бары үлэһиттэригэр таһаарыылаах үлэни баҕаран туран, дьон-норуот хайҕалын ылар кэскиллээх буолуҥ, диэн алгыс үтүөтүн анаан, эйэҕэс эҕэрдэ тылларын тиэртилэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Никифоров, Анаабыр национальнай (дулгаан-эбэҥки) улууһун аҕа баһылыга Эдуард Платонов.

Бэкээринэ Н.Е.Андросов аатын сүгэр, элбэх хайысхалаах муниципальнай унитарнай тэрилтэ иһинэн тэриллэн,  балансаҕа киирдэ. Генеральнай дириэктэринэн сатабыллаах салайааччы Александр Михайлов үлэлиир.

Саҥа тэрилтэ бэйэтин бородууксуйатын “Фаворит” маҕаһыыҥҥа уонна чааһынай маҕаһыыннарга туттарар. Биир килиэп сыаната 46 солк. Онон нэһилиэнньэҕэ чэпчэки сыаналаах сибиэһэй килиэп бэйэтин сыанатынан “Фаворитка” сарсыарда 9 чаастан киэһэ 8 чааска диэри атыыланар.

Бэкээринэ астаабыт аһын олохтоохтор ити “Фаворит” маҕаһыынтан эбэтэр арыый үрдээбит сыананан чааһынайдартан хаһан баҕар атыылаһыахтарын син буолар.

Ити курдук, бэкээринэ бэйэ килиэп араас бородууксуйатынан кэлбит ыалдьыттарын истиҥник күндүлээн үөрүүлээхтик сүрэхтэннэ.

сырдатта хаһыат уопс. кэрэспэдьиэнэ Сарыада

Читайте дальше