Дьон көҕүлээһинин, саҥа саҕалааһынын уонна коммерческайа суох тэрилтэлэри судаарыстыба былааһа, олохтоох салайыныы уорганнара өйүүллэр, баар кыһалҕалары туоратыыга хардарыта дьайсан үлэлииллэр.
Элбэх социальнай хайысхалаах бырайыактар олоххо киирэллэр. Сааскылаахха 9 коммерческайа суох тэрилтэ баар, олортон икки тэрилтэ социальнай хайысхалаах. Коммерческайа суох тэрилтэлэри өйөөһүҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Ил Дархан Айсен Николаев улахан болҕомтону уураллар. Сыллата араас хайысхалаах уонна таһымнаах грант куонкурустара ыытыллаллар.
Наталья Спиридонова салайааччылаах “Үрүҥ Күн” коммерческайа суох тэрилтэ хаһан тэриллибитин, ханнык бырайыактар олоххо киирбиттэрин уонна инники былааннарын туһунан сырдатта:
— “Түһүлгэбит 2017 сыллаахха тохсунньу ыйыгар тэриллибитэ. Бу сылтан “Госуслуга” өҥөтүнэн регистрацияланан үлэбитин саҕалаабыппыт. 2018 сыллаахха СӨ Экология министиэристибэтэ грант куонкурсун ыыппыта. Лена Ивановна көҕүлээһининэн кыттарга санаммыппыт. “Я люблю Саскылах” диэн бырайыагы суруйан, оҥорон ыыппыппыт. Сүрүн бирииһэ 100 тыһыынча солкуобай этэ. Бу бырайыакпытынан иккис миэстэни ылан, 80 тыһыынчалаах грант сүүйэн, бырайыакпытын оҥорторбуппут. Оттон 2021 сыллаахха Бэрэсидьиэн граныгар кыттыбыппыт: куукула театрынан “Анаабыр остуоруйатын” суруйбуппут, Сокольникова кинигэтинэн. Бу бырайыакпытынан 240 тыһыынча солкуобайы сүүйбүппүт. Социальнай көмүскэл психологтарын кытары кэпсэтэн көрдөһөммүт, куукула тыйаатырын олоххо киллэрбиппит. Остуоруйабыт дьоруойдарын оҥорорго-тигэргэ социальнай үлэһиттэр да, оҕолор төрөппүттэрэ да көмөлөспүттэрэ. Уопсайа түөрт остуоруйа дьоруойдара тигиллибиттэрэ. “Кубалар” диэн остуоруйа дьоруойдара маһынан оҥоһуллубуттара, таҥастарын Афанасея Туприна уонна Саргылана Сыроватская тикпиттэрэ. Бу остуоруйалары уһуйааннарга уонна дьиэлэринэн сылдьан көрдөрбүппүт. Салгыы 2022 сыллаахха ППМИ иһинэн “Сквер матери” бырайыакпытынан кыттан кыайбыппыт. Бу бырайыакпыт 1,786,000 солкуобайдаах. Сквербытын саха биллиилээх скульптора Николай Чоччасов оҥорбута. Саас сиринэн аҕалтараммыт миэстэтин булларбыппыт. Олохтоохтор наһаа астыммыттара. Аны “Территориальное общественное самоуправление” бырагыраамаҕа “Северные олени” бырайыагын оҥорон ыытан, өрөспүүбүлүкэттэн 850,000 солкуобай ылбыппыт. Билигин ол бырайыакпыт олоххо киирэн дьон хараҕын сымната турар. Уонна «Световой арка» бырайыакпыт эмиэ олоххо киирэн турар. Былырыын Ил Дархан граныгар “Компьютерная грамотность” диэн бырайыакпытынан кыттан, 340,000 солкуобай ылбыппыт. Сааскылаах 83 олохтооҕун атырдьах ыйыттан саҕалаан ахсынньыга диэри компьютеры хайдах туттарга үөрэттибит, олортон 16 инбэлиит этэ. Манна “Мои документы” исписэлииһэ Шадрина Анна интернет ситиминэн хайдах туттарга, “Госуслуги”, ”Сбербанк” өҥөлөрүн туһанарга үөрэппитэ. Бетюнский Александр уонна Пономарев Дмитрий эмиэ улаханнык көмөлөспүттэрэ. Уонна дьиэнэн сылдьан эмиэ үөрэппиппит. Сорох дьон харчыны хайдах переводтуулларын да билбэт этилэр. Кырдьаҕастар син үөрэнэннэр, үөрүүлэрэ биллэ көстөр этэ. Андросова Светлана Егоровнаҕа планшет бэлэхтээбиппит, билигин да астына тутта сылдьар.
Аны былааммыт диэн, быйыл Ил Дархан эмиэ грант куонкурсун биллэрдэ, онно биһиги эмиэ “Сквер Мужества и Славы” диэн бырайыак оҥорон ыыттыбыт, онтубут от ыйыгар биллиэхтээх. Аны бу сотору кэминэн Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн 30 сыл бииргэ олорбут кэргэнниилэри чиэстиэхтээхпит. Ити курдук былааннаахтык үлэлии олоробут.
Самаан сайыммыт саҕаланар бастакы күнүгэр түһүлгэбин кытары салама баайа тахса сырыттыбыт, радиоузел хайатыгар. Сылдьыбыппыт номнуо төрдүс сыла буолла, үгэс курдук да буолла диэххэ сөп. Сахалыы таҥастарбытын симэнэн, алгыстаах алаадьылаах, кымыстаах тахсан салама баайбыппыт. Бу аата сайыны көрсөн уруйдуубут-айхаллыыбыт диэн буолар. Итинник сылдьан биһиги дууһабытынан сынньанабыт да, ыраастанабыт да диэххэ сөп.
Бу курдук Сааскылаах биир бастыҥ коммерческайа суох тэрилтэтэ олоххо киллэрбит бырайыактарын туһунан үллэһиннэ.