Бэс ыйын 29 күнүгэр Сааскылаахха Үрүҥ Тунах ыһыах бырааһынньыга буолан ааста.
Самаан сайыны уруйдуу-айхаллыы көрсөр, Үрдүкү Айыылартан күүс-уох, алгыс ылар үтүө үгэспит, ыһыах ыһар күммүт өрө күүрүүлээхтик ааста.
Ыһыах саҕаланыыта сахалыы сиэринэн- туомунан Сааскылаах ытык кырдьаҕаһа Владимир Дмитриевич Попов аал уоту оттон, алгыс тыл этэн, алаадьылаах кымыһынан айах тутан күндүлээн Айыылартан көрдөстө.
Ыһыах сиэрин-туомун кэнниттэн улууспут баһылыгын солбуйааччыта Василий Алексеев уонна нэһилиэк баһылыга Алексей Николаев кэлбит дьону уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээтилэр. Ол кэннэ мустубут дьон ыһыах алгыһын ылынан, ылбаҕай ырыалардаах, киһи хараҕын сымнатар үҥкүүлэрдээх эҕэрдэ кэнсиэри көрөн түөлбэлэринэн түһүлгэлээтилэр, саха төрүт астарын амсайдылар.
Ону тэҥэ, араас куонкурустар, интэриэһинэй күрэхтэр бииртэн биир салҕанан бардылар. Ыһыах биир умнуллубат чаҕылхай түгэнинэн ыалдьыттары босхо сахалыы мааны астарынан күндүлээһин буолла. Дьон-сэргэ ыһыах мааны аһыгар тиксэн сүрдээҕин астынна.
Добун маҥан халлааммыт, тулалыыр айылҕабыт быйаҥ дьылы мэктиэлии эбитэ ду, былыты үүрэн аҕалан этиҥнээх ардаҕы курулатта, ардахпыт чаас курдук курулаччы түһэн намтаабытын кэннэ, ыһыахха куруутун ыытыллар, дьон болҕомтотун тардар, биһирэбилин ылар саха омук төрүт спортивнай оонньууларын ыыттылар. Тэрийээччилэринэн Оҕо спортивнай оскуолата уонна “Алмаас” култуура киинин тренера буоллулар. Күрэхтэр кыттыылаахтара, спортсмен уолаттар кыахтарын-уохтарын көрдөрдүлэр, күүстэрин-күдэхтэрин мээрэйдэстилэр.