Өрөбүл күн “Тыгын Дархан” ресторан ырысыабынан сахалыы лэппиэскэ астыахха.
20 устуука лэппиэскэҕэ наада:
Үүт – 600 г
Иэдьэгэй – 400 г
Бурдук 300 г
Туус — 2 г
Суода – 2 г
Иэдьэгэйи үүтү кытта үчүгэйдик буккуйабыт. Туус, суода эбэбит. Бурдук кутабыт уонна тиэстэни охсобут. Илиибитин мас арыытынан сотобут уонна төкүнүктэри оҥортуубут. Халыыбы арыынан сотобут, төкүнүктэри уурталыыбыт уонна кыратык хаптатан биэрэбит. Бииккэнэн онон-манан тэһитэ анньабыт. 200-220 кыраадыска диэри итийбит оһоххо саһарыар диэри буһарабыт.
«Далбар Хотун» сурунаал