Улуу Кыайыыны уһансыбыт буойуттар, тыыл үлэһиттэрин кылааттара умнуллуо суоҕа

Улуу Кыайыы! Төһөлөөх сыранан, көлөһүнүнэн, өлүүнэн-сүтүгүнэн кэлбит күнүй? Биһиги көлүөнэ дьон бу күнү олус сыаналыыбыт, умнубаппыт, киэн туттабыт! Кыайыы өйдөбүлэ өлбөөдүйбэт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиллэр.

Кыайыы 79 сылын бэлиэтиир күн биһиги модун дойдубут үрдүнэн ыытыллар. Билиҥҥи көлүөнэ оҕотугар Аҕа дойду 1941-45 сыллаах сэриини, Кыайыыны кэпсииргэ матырыйаал бөҕөтө элбэх.

Республикабыт киин телевидениета бу күн сарсыардаттан араас биэриилэри, документальнай киинэлэри көрдөрөр, саха саллааттара сэриигэ хорсун быһыыларын туһунан туһалаах сэһэргэһиилэри сылын аайы хатылаан, эбэн таһаарар.

Биһиги улууспутугар хас биирдии дьиэ кэргэнтэн саҕалаан тэрилтэ аайы араас туһалаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Билиҥҥи олоххо саҥа информационнай технологиялары туһанан, коллективтар дойду, республика акцияларыгар кытталлар, оҕолорго кыайыы туһунан кэпсииллэр.

Оскуолаҕа бу күн сарсыардаттан оҕо чоргуйбут куолаһа, сүүрүү-көтүү. Уоттаах сэрии ортотунан ааспыт, Кыайыыны аҕалбыт буойуттар мэтириэттэринэн киэргэммит көрүдүөр, оскуола араас муннугар, кылааһыгар георгиевскай лиэнтэни түөстэригэр иилиммит оҕолор буолуохтаах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэниилэринэн туолла. Ким эрэ хос эһэтин кэпсээн чоргуйар, ким эрэ хоһоон ааҕар, ырыа ыллыыр, ким былааҕы тутан дьоро линейкаҕа киллэрэр чиэскэ тиксэн хаамыытын чочуйар, ким эрэ уруһуй күрэҕэр кыттан уруһуйун ситэрэр. Оскуола иһэ оргуйан олорор… Биир да мүнүүтэ бокуойа суох, барыта былаанынан тиһиллэн, кэмигэр оҥоһулларын учуутал ирдээн хобулуга тоһугуруур.

Быйыл биһиги кылаас арыый улаатан, Кыайыы өйдөбүлүн чиҥник киллэриинэн бэйэбит кылааппытын, ытыс саҕа да буоллар, үтүө дьыаланан саҕалаатыбыт. Бу күннэргэ кылаас аҕалара уолаттарын илдьэ сылдьан куруппааскылаан, куобахтаан, ийэлэрбит үргээн, ветераннарга илэ бэйэлэрин бултарын туттардылар.

Оҕолор харахтара уоттанан, ветераннар махталларын ылан, киэн тутта хоһоон ааҕан Кыайыы күнүн атаардылар.

Сылын аайы педагогическай үлэ ветерана, «Сэрии оҕото» бэлиэ хаһаайыныгар Наталья Ивановна Антоноваҕа сылдьабыт. Кини кыра кылаас учуутала, оҕо болҕомтотун тардар кэпсээннэрин истээри оҕолор киниэхэ баралларын сылын аайы кэтэһэллэр. Мэтээлин имэрийэ-имэрийэ сыллаталлар да, сыллыыллар да. «Биһиги эбээбит» диэн минньигэстик ыҥыраллар. Төһө да сэрии диэн билбэтэллэр, ааҕан, араас кэпсээни истэн өйдөбүллэрэ кэҥиир.

Телевизорга биир учуутал «вот это поколение — последнее поколение, которое будет знать о Победе ВОВ» диэбитин сонньуйа истибитим. Мин санаабар, бачча өйдөбүл үлэтэ барарын кэннэ, тоҕо умнуохтарай? Ол барыта бу бүгүн 79 сылы быһа сэриитэ суох олорор хас биирдии киһиттэн тутулуктаах.

Эрэнэбин кэлэр көлүөнэ ыччата Улуу Кыайыыны уһансыбыт буойуттарбыт, тыыл үлэһиттэрбит хаалларбыт кылааттарын умнуохтара суоҕа, өссө да үөрэтиэхтэрэ, олох атын таһымҥа таһаарыахтара!

2 «а» кылаас учуутала Елена Михайловна Бетюнская

Читайте дальше