Сэтинньи саҥатыгар Сааскылаахха «Узоры Анабара» иистэнэр түмсүү дьиэтэ аһылынна. Хас өрөбүл аайы кэрэ аҥардарга таҥас тигиитигэр, оҕуруо тиһиитигэр, араас сувенирдары, киэргэллэри уонна да атын араас оҥоһуктары оҥорууга нэһилиэк уран тарбахтаах маастардара буор босхо маастар кылаас ыытан, бэйэлэрин сатабылларын көрдөрөллөр, үллэстэллэр. Киһи киһиттэн үөрэнэр, киһи сатаабата суох, онон маннык уопут атастаһар наһаа туһалаах буолар. Бу түмсүүнү тэрийэн саҕалаатылар Зинаида Лебедева уонна Лена Катанова.
Түмсүү туһунан Зинаида Спиридоновна сырдатта:
— Маастар кылаас туһунан Лена Кимовна Катанова этии киллэрбитэ. Уһуннук толкуйдуу барбакка, тута сөбүлэспитим. Бэйэбит дьиэ булан, уотун-итиитин бэйэбит кыттыһан төлөөн, сууйан-тараан, ыйы быһа өрөмүөннээн, дьиэбит үлэҕэ киирбитэ. Ииһи сэҥээрэр эдэр ийэлэргэ, эбээлэргэ, иискэ үөрэниэн баҕалаах кэрэ аҥардарга ааммытын арыйбыппыт. Манна иискэ эрэ буолбакка сабынан баайыыга, оҕуруо симээһинигэр, ким тугу сатыырынан үллэстэбит. Сылдьааччылар да, баҕалаахтар да элбэхтэр, маннык мастарыскыай баар буолбутуттан наһаа астыналлар-үөрэллэр, алҕаан бараллар. Үксүн эдэр ийэлэр кэлэллэр, иистэнэр массыынанан тигэргэ, таҥаһы, ньэмиэт быһарга үөрэнэллэр. Хас биирдии киһиэхэ быһааран, көрдөрөн биэрэбит. Дьиэбит иһэ сылаас, үс иистэнэр массыыналаахпыт, бэлэм ньэмиэттэр бааллар. Үөрэниэн баҕалаахтар бэйэлэрэ матырыйаалларын, иистэнэр тэриллэрин илдьэ кэлэллэр. Маастар кылааһы хас өрөбүл аайы тэрийэн ыытабыт. Киэһээ алта чаастан аҕыс чааска диэри, үлэ күнүгэр, үлэ чааһын кэнниттэн ким хайдах бириэмэлээҕиттэн көрөн иистэнэ кэлэллэр.
Ааспыт субуотаҕа иис маастара Анастасия Христофоровна Винокурова кэрэ аҥаардарга анаан үтүлүгү быһарга, тигэргэ, ойуулуурга бастакы маастар кылааһын ыыппыта. Дьон олус астынан, үөрэн, махталларын тиэрдэн барбыттара.
Софья Ивановна хас субуота аайы баттах кырыйар. Бастакы күҥҥэ 14 киһи баттахтарын кырыйтаран барбыттара. Эр киһи эрэ баттаҕын буолбакка, оҕо, дьахтар баттаҕын эмиэ кырыйар.
Мордовская Мария Семеновна «Долганскай ынтыкаа» быһарга, тигэргэ, симииргэ маастар кылааһы ыытта, матырыйаалларын (сукуна таҥас, кыптыый, иннэ, сап) үөрэнээччилэр бэйэлэрин кытта илдьэ тиийдилэр. Баскыһыанньа күн Туприна Светлана Алексеевна оҕо унтуутун быһарга, тигэргэ үөрэттэ.
Онтон сэтинньи ый 25 чыыһылатыгар Павлова Диана Васильевна күрүчүөгүнэн бэргэһэ баайыыга үөрэтиэҕэ, манна эмиэ бэйэлэрин матырыйаалларын илдьэ кэлэллэр. Туприна Туяра Ивановна сэтинньи 26 күнүгэр оҕо этэрбэһин, кээнчэтин хайдах быһылларын, тигиллэрин, уулларылларын көрдөрүө-үөрэтиэ, маныаха этэрбэскэ туттар матырыйаал, бараан сыыһа, кыра сытыы быһах, иннэ, сап, сүүтүк, уруучука ирдэнэр. Бу курдук уран тарбахтардаах маастардарбыт бэйэлэрин сатабылларын дьоҥҥо-сэргэҕэ үллэстиэхтэрэ, көрдөрүөхтэрэ, сүбэлиэхтэрэ. Ким иистэниэн баҕалааҕы барыгытын ыҥырабыт.
Сэтинньи ый 13 күнүгэр байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар анаан, эдэркээн ыччаппытыгар көмө-тирэх буолаары, блиндаж-сетка оҥорон саҕалаатыбыт. Онно матырыйаалынан күүс-көмө буолбут «Лидер» маҕаһыын хаһаайкатыгар Андреева Тамара Ивановнаҕа, Сааскылаах орто оскуолатын директорыгар Свешникова Августина Васильевнаҕа, ГИМС инспекторыгар Иванов Николай Павловичка, ЦДОД директорыгар Им Жанна Сусановнаҕа, Винокурова Анастасия Христофоровнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Ону таһынан Клавдия Алексеевна Борисова, Татьяна Иннокентьевна Фомичева, Людмила Егоровна Андросова, Зинаида Афанасьевна кэтиллибэт таҥастары, таҥас сыыстарын аҕалан көмөлөстүлэр. Дьаһалта аатыттан эдэр ыччат бэлиитикэтин кылаабынай исписэлииһэ Соктоева Чэмэлиинэ Яновна 20 миэтэрэ камуфляж матырыйаалы биэрдэ. Ол чэрчитинэн, Сааскылаах орто уонна гимназия оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, улуус дьаһалтатыттан уонна социальнай көмүскэлин үлэһиттэрэ бэйэлэрин баҕаларынан кэлэн көмөлөстүлэр. Биир дойдулаахтарбытыгар сүрэхпит, илиибит сылааһын иҥэрэн, боотурдарбытыгар алгыс тылын анаан, этэҥҥэ доруобай эргиллэн кэлэллэригэр баҕа санаабытын этиннибит. Өссө да инникитин маннык хабааннаах көмөлөр салҕанан иһиэхтэрэ, — диэн кэпсээнин түмүктээтэ.
Сэлиэнньэбит иһигэр иистэнэр мастырыскыай арыллыбытыттан киһи эрэ үөрэр. Сылдьыбыт дьон бу курдук санааларын этинэллэр:
Галина Афанасьевна: «Мин дьэ наһаа астынан, элбэххэ үөрэнэн кэллим, мин дьиэ иистэнээччитэ этим, кыргыттар ыксаабакка үчүгэй баҕайытык, кэпсээн-быһааран, быһан биэрэллэр. Чэй иһэ-иһэ иистэнним, наһаа дуоһуйдум, элбэҕи биллим. Кыргыттарга махтал, сайда-үрдүү туруҥ. Манан бүппэппин, өссө да сылдьыам. Дьоммор тириэрдиэм этэ, кэлэн кыттыһыҥ, кыргыттар наһаа үчүгэйдик кэпсииллэр, миэстэтигэр иистэнэр массыынаҕа баҕарбыккытын бэйэҕит эмиэ тигиэххитин сөп, барытын оҥорор былааннаахтар, сатыыллара элбэх».
Акулина Григорьевна: «Маастар кылааһы иилээн-саҕалаан ыытта иис маастара Анастасия Христофоровна Винокурова, кини биһиэхэ норка уонна таҥас үтүлүк хайдах быһылларын уонна тигиллэрин көрдөрдө. Мин бэйэбэр норка үтүлүк быһарга уонна тигэргэ үөрэнним. Маннык маастар кылаастар буолаллара наһаа үчүгэй, киһи элбэххэ үөрэнэр, иистэнэр дьоҕуруҥ сайдар. Анастасия Христофоровнаҕа уонна «Узоры Анабара» түмсүү салайааччыларыгар махталбын тиэрдэбин».
Лилианна Радиевна: «Үтүлүгү тигии маастар кылааһыгар сылдьан олус астынан кэллим, Анастасия Христофоровна барытын көрдөрөн, быһааран, сүбэлээн биэрдэ. Кыргыттар дьиэ иһин үчүгэй баҕайытык ремоннаабыттар. Аны да өссө маастар кылаастарга кэлиэм. Кыргыттарга баҕарыам этэ, үлэҕит өссө сайда-кэҥии турдун! Маннык түмсүү баар буолбутуттан наһаа үөрэбин».
«Узоры Анабара» түмсүү дьиэтин аадырыһа: Новая уулусса, 2 кыбартыыра.
Күндү бар дьоммут, улууспут аатыттан Аҕа дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө буолан, бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэриэххэ диэн ыҥырабыт. Блиндаж-сетка оҥорорго илимнэри уонна хара, бороҥ, сиэрэй, хараҥа от күөх өҥнөөх кэтиллибэт эргэ таҥастары хомуйан илдьэн биэрэҕиҥ, биир санаанан сомоҕо күүс буолуоҕуҥ!
Мария ЯРОЕВА