Үөрүүлээх сонун

Анаабыр улууһа култуура эйгэтигэр “Народнай” ааты Сааскылаах тыйаатырын кэллэктиибэ ситиһиилээхтик сүкпүтүнэн киэҥ туттар.  Кинилэр буолаллар нэһилиэнньэ бары араҥатын хабан, олоҕу киэргэтээччилэр, сыаналаммат култуурунай үгэһи-ырыаны-үҥкүүнү илдьэ сылдьааччылар, кэрэни-сырдыгы тарҕатааччылар, нэһилиэктэрин социальнай-култуурунай таһымын, сайдыытын көрдөрөөччүлэр.

Бу саас Зинаида Дмитриевна Андросова салайааччылаах “Алмаас” култуура киинигэр Мария Решетникова аатынан нэһилиэкпит тыйаатырын артыыстара быйыл 48 сезонугар Николай Трофимов суруйуутунан “Торгандуун Маатаа” диэн олоҥхотуттан “Народнай” ааты үрдүк хамыһыйа иннитигэр үрдүк таһымнаахтык көмүскээбиттэрэ. Ол курдук култуура министиэристибэтин аатыттан 4 сылга “Народнай” ааты бигэргэппиттэрин туһунан үөрүүлээх быһыыга — майгыга үллэстиннилэр. Испэктээкилгэ бары кыттыылаахтары барҕа махтал тылларын тиэрдэллэр.