Суол уонна сайдыы былыргыттан быйылга диэри быстыспат ситимнээхтэр. Сиринэн буоллун, салгынынан буоллун, суола суох – сайдыбаккын. Cуол-иис хайдаҕыттан эрэгийиэн олоҕо-дьаһаҕа, экэниэмикэтэ тутулуктаахтар. Ону биһиги, киэҥ сирдээх-уоттаах уонна киинтэн ыраах олорор өрөспүүбүлүкэ дьоно, эппитинэн-хааммытынан билэбит. Кэлиҥҥи кэрчик кэмҥэ алларанан-үөһэнэн суол-иис бөҕө тутуллара-тобуллара сайдыыны эрэ түстүүрэ эрэбил.
Массыына суолун тутуу үс төгүл тэтимирдэ
Мындыр-сылык өбүгэлэрбит “Турдарбын халлааҥҥа тиийиэм этэ” диэн таайтаран этиилэригэр саха омук үйэлэргэ дьулуспут-таласпыт ыра санаата иһиллэргэ дылы. Бүгүн ол баҕа санаа илэ-чахчы күннээҕи олохпутугар баар көстүүгэ кубулуйда. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн ылыныллыбыт “Куттала суох тупсаҕай суоллар” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии саҕаланыаҕыттан Саха сирэ массыына суолун өрөмүөннээһиҥҥэ уонна тутууга чыпчаал көрдөрүүлэргэ таҕыста. Өскөтүн, 2010-с сылларга сылга 150-нуу килэмиэтир усталаах массыына суола тутуллар эбит буоллаҕына, 2020 сылтан ыла өрөспүүбүлүкэҕэ сыл ахсын 500 килэмиэтиртэн итэҕэһэ суох суол тутуллан киирэр. Массыына суолун туһаҕа киллэрии 2018 сыллааҕы таһымтан икки төгүл улаатта.
Ааспыт 2023 сылга барыта 431 км уһуннаах суол нуормаҕа сөп түбэһэр гына саҥаттан тутулунна, итинтэн 46,6 килэмиэтирэ – федеральнай, 270,13 килэмиэтирэ эрэгийиэн уонна 115 килэмиэтирэ олохтоох суолталаахтар. Национальнай бырайыак чэрчитинэн “Суол ситимэ” эрэгийиэннээҕи бырайыагынан кытаанах үрүттээх суолу тутуу тэтимэ түргэтээтэ. Ол курдук, 299,65 км усталаах суол оҥоһуллубутуттан 270 килэмиэтирэ өрөспүүбүлүкэтээҕи, 29 килэмиэтирэ Дьокуускай куораттааҕы суоллар. Инньэ гынан, кытаанах үрүттээх суолу уурууга биһиги өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка бастакы, дойду эрэгийиэннэригэр 18-с миэстэлэргэ сылдьар.
Массыына суолларын ирдэниллэр нуормаҕа тириэрдэр инниттэн 2023 сылга федеральнай бүддьүөттэн эбии 4,6 млрд солкуобай тардылынна. Манна сыһыаран суруйдахха, 2018 сыллааҕы үбүлээһин кээмэйиттэн үс бүк элбэх үп көрүллэр буолла. Холобур, 2022 с. өрөспүүбүлүкэҕэ суол хаһаайыстыбатын хаҥатыыга туһуламмыт дьаһаллары толорууга анаан бэриллибит үп бүттүүн кээмэйэ 13,7 млрд солкуобайга тиийбитэ.
Арыый эрдэтээҥи тутуулартан аҕыннахха, “Халыма” федеральнай массыына суолун Аллараа Бэстээх – Чурапчы учаастагар аспааллааһын үлэтэ 2019 с. саҕаланан баран, 2022 с. түмүктэммитэ. Сэбиэскэй былаас даҕаны кыайбатах, ооҕуй оҕус “батыллар” суолугар 160 км усталаах аспаал-бетон бүрүөһүн ууруллубута. Уонунан сылларга тутулла сатаабыт “Кэбээйи” массыына суола Кэбээйи сэлиэнньэтигэр, “Амма” массыына суола Уус Маайа сэлиэнньэтигэр диэри түргэн тэтимнээхтик тутуллан киирбиттэрэ. Дьокуускай – Нам – Булуус (Түбэ) айан суолун саҥалыы оҥоруу ситэриллибитэ.
“Нам” эрэгийиэннээҕи массыына суолун ситэрии тохтообокко ыытыллар. Сатай уонна Хаҥалас бөһүөлэктэригэр туоруур-киирэр суоллардаан, түөрт балаһалаан оҥоруу бастакы учаастага иллэрээ сыл бүппүтэ. Ааспыт сылга киин куорат Можайскай уулуссатыттан Марха бөһүөлэгин аартыгар диэри учаастакка үлэ ыытылынна. Ону тэҥэ Дьокуускай арҕаа өттүгэр “Умнас” суолугар Хатаска туоруур суолтан саҕалаан Владимировкаҕа диэри кэрчик суол аспаалланна. Ити суоллар иккиэн өрөспүүбүлүкэҕэ 4-түү балаһалаах гына оҥоһуллубут бастакы суоллар уонна бары кээмэйдэринэн 2-с тэхиньиичэскэй категорияҕа сөп түбэһэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар уулусса-суол ситимин нуормаҕа сөп түбэһиннэрэн өрөмүөннээһин киэҥ хабааннаахтык ыытыллар. Дьокуускай киин уулуссаларын – Ленин аатынан проспегы уонна Поярков аатынан уулуссаны хапытаалынайдык өрөмүөннээһин үлэтэ түмүктэннэ. Ону тэҥэ социальнай суолталаах эбийиэктэргэ – Оҕо сэллигин эмтиир санаторийга, Хаан кутар ыстаансыйаҕа туоруур суоллар оҥоһулуннулар.
Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи Суол пуондатын үбүттэн муниципальнай бүддьүөттэргэ 976,3 мөл. солкуобай бэриллэн, олохтоох суоллары тутууга субсидия быһыытынан туһанылынна. Холбоон 85 км усталаах суол тутулунна.
Сыл иһигэр 549 погоннай миэтэрэ уһуннаах 3 муоста тутуллан, үлэҕэ киирдэ: “Дьааҥы” айан суолугар Томпо улууһун Мөҥкүүлэ уонна Томпорук үрэхтэрин туоруур күргэлэр, үсүһэ – Ленскэй улууһун сиригэр-уотугар “Мухтуйа” айан суолугар Нүүйэ үрэҕи туоратар улахан күргэ. Бу – 5 сыл устатыгар тутуллан киирбиттэртэн үбүлүөйдээх 50-ус муоста.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутулларын өйөөн, быйылгыттан дьэ “муус хамсаата” диэн бигэтик, эрэллээхтик этиэххэ сөп буолла. Маны кытта “Халыма” тэргэн суолун нуормаҕа сөп түбэһэрдии оҥоруу тэҥинэн ыытыллыа. Алдан өрүһү туоруур муостаны тутуу эмиэ ыйдаҥаран көстөргө дылы.
СӨ тырааныспарын уонна суолун хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев соторутааҕыта иһитиннэрбитинэн, 2024 сылга 175 км усталаах, ол иһигэр 144 килэмиэтирдээх эрэгийиэн уонна 31 килэмиэтирдээх киин куорат, суоллара тутуллуохтара, 1 220 погоннай миэтэрэ уһуннаах оҥоһуу тутуулар сөргүтүллүөхтэрэ. Быстахтык ыллахха, Дьокуускайга Можайскай аатынан уулуссаҕа 4 балаһалаах суолу саҥалыы тутуу түмүктэнэн, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сылынан уулусса Кальвицаттан Бабушкиҥҥа диэри кэрчигэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ саҕаланыа. “Умнас” уонна “Нам” массыына суолларын тутуу түмүктэниэхтээх. Балары таһынан Томпоҕо Уолчаан, Мииринэйгэ Чуоналыыр, Кэбээйигэ Хатыҥ Үрэх уонна Сунтаарга Улахан Харыйалаах үрэхтэри туоруур улахан күргэлэри тутуу былааннанар.
Салгын аалын көтөр хайысхата элбээтэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2019 сылтан саҕалаан эмиэ дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан төрүттэммит “Тырааныспар тиһигин саҥалыы сөргүтүү” национальнай бырайыагынан 14 аэропуорт комплексын уларытан, саҥалыы оҥоруу үлэтэ ыытыллар. Саамай улахан эбийиэк, биллэн турар, Дьокуускай аэропуорда. Манна сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын сөргүтүү үлэтэ инньэ 8 сыллааҕыта саҕаламмыта эрээри, кэлиҥҥи сылларга эрэ тэтимин ылан, 2023 сыл алтынньытыгар силигин ситтэ.
Маны тэҥэ Нацбырайыак иитинэн Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Белай Гора (Абый), Депутатскай (Усуйаана), Бүлүү, Сангаар (Кэбээйи), Хаандыга (Томпо), Черскэй (Аллараа Халыма), Уус Ньара (Өймөкөөн), Нерюнгри аэропуортара аныгылыы саҥардылыннылар. Быйыл Полярнай, Өлүөхүмэ аэропуортарын ситэрии уонна Мииринэй куоракка аэропуорт саҥа комплексын тутуу былааннанар. Онон биһиги хотугу өрөспүүбүлүкэбит дойду субъектарыттан ис авиацияны сайыннарыыга, бөҕөргөтүүгэ уһулуччу көрдөрүүлэннэ.
“Буруолуу” сылдьар тутуулартан холобурдаатахха, Нерюнгри оройуонугар Чульман бөһүөлэк аттыгар баар “Нерюнгри” аэропуордун вокзала ааспыт сыл ахсынньы 23 күнүгэр үлэҕэ киирдэ. Росавиация сакааһынан “СтройДорСервис” хампаанньа тутта. Вокзал 9 тыһ. кв. м иэннээх, эргэ эбийиэктэн үс төгүл киэҥ. Күҥҥэ 300 киһиэхэ өҥө оҥорор кыамталаах. Тутууга 9,8 млрд солк. ороскуоттаммыт. Манна икки сыллааҕыта 45 м кэтиттээх, 3,6 тыһ. м уһуннаах көтөр-түһэр балаһа саҥалыы тутуллубута. Бу эбийиэк Дьокуускай аэропуорда кыһыҥҥы тымныыга сабыллар түбэлтэтигэр сөмөлүөттэри түһэрэр саппаас аэродром суолталаах.
Саҥалыы сөргүтүү түмүгэр Биир кэлим Уһук Илиннээҕи авиахампаанньа иитинэн көтүү бырагыраамата, 2022 с.5 маршрут эбит буоллаҕына, былырыыҥҥыттан 18 хайысхаҕа диэри кэҥээтэ. Онно дьүөрэлэһиннэрэн, федеральнай үбүлээһин 290 мөл. солкуобайтан 2,5 млрд солкуобайга диэри улаатта. Инньэ гынан “Якутия” АХ Уһук Илиҥҥэ чэпчэтиилээх көтүү 50-тан тахса бырыһыанын толорор буолла. Арассыыйа киин куораттарыгар сүрүн хайысхаларынан көтүүгэ чэпчэтиини олохтуур бырагырааманы үбүлээһин, 2018 сыллааҕы таһымы кытта тэҥнээтэххэ, икки бүк улаатта.
Саха сирин бары 13 хотугу улууһун дьоно чэпчэтиллибит билиэтинэн туһанар кыахтаннылар. Ити улуустар олохтоохторун субсидиялаах көтүүнэн хабыы көрдөрүүтэ 7 %-тан 51 %-ҥа диэри улаатта. Аартыка нэһилиэнньэлээх пууннарыгар диэри салгын аалынан көтүүгэ субсидиялаах бырагырааманы үбүлээһин 2018 сыллааҕыттан 12 төгүл үрдээтэ. Ол хоту дойду нэһилиэнньэтин 5,4 %-тан 51,2 %-ҥа тиийэ хабар кыаҕы үөскэттэ. Дьоҕус авиация 2021 сылтан Аартыка улуустарыгар судаарыстыба сакааһынан аһы-үөлү тиэрдиигэ уонна айылҕа уотун умуруорууга кыттара биллэрдик элбээтэ.
Валентина Кривошапкина, Уус Ньара олохтооҕо, Өймөкөөн улууһунааҕы кииннэммит буҕалтыарыйа исписэлииһэ:
– Быйыл сайын атырдьах ыйыттан саҕалаан 3-4 ый иһигэр аэропуорпут балаһатын саҥалыы тутан кэбистилэр. Көтөр-түһэр балаһаны уһатан, аныгы улахан сөмөлүөттэр түһэр гына тупсардылар. Биһиги Дьокуускай уонна Магадан икки ардыгар сир ортотугар олоробут. Онон, күһүн-саас суол хаайар кэмигэр дьон Магаданынан дойду киин куораттарыгар көтөр. Өймөкөөҥҥө бырамыысыланнай тэрилтэлэр үлэлиир буоланнар, күһүн-саас айанньыт элбиир. Аэровокзалбыт сэнэх соҕус, сирбэппит, онно эбии саҥа балаһаланан, барар-кэлэр усулуобуйабыт лаппа тубуста дии саныыбын. Олохтон хаалбакка, ыраах олорор дьон даҕаны сайдан иһэрбит туох куһаҕаннаах буолуой.
Василий Никифоров
СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспатын хаартыскалара