Үрүҥ-Хайа олохтоохторо биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөллөр

Күөллэр, үрэхтэр муустара туран, хоту сир дьоно кыстыкка бэлэмнии түбүгэр сылдьаллар.

Сэтинньи 13 күнүгэр Үрүҥ-Хайа нэһилиэгэр, олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, МАУ “Комтехсервис” тэрилтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр, кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ уонна соҕотох олорор дьоҥҥо муус ылан, тиэйэн биэрдилэр. Уопсайа 21 ыал кыстыыр муустарын тастылар. Дьон үөрүүтэ, махтала муҥура суох.


Нэһилиэк олохтоохторо үлэни өрө туппут эр бэрдэригэр барҕа махталларын тиэрдэллэр.

Читайте дальше