Быйыл Анаабыр улууһугар уопсайа 27 үөрэнээччи оскуоланы бүтэрэр. Сотору кэминэн бүтэһик чуораан чугдаарыа. Ол кэннэ долгутуулаах биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэннэр тиийэн кэлиэхтэрэ. Выпускниктар эксээмэннэргэ төһө бэлэмнээхтэрин, туох былааннаахтарын уонна ханна талаһалларын сурастыбыт.
Каролина Семенова, Үрүҥ Хайа орто оскуолатын выпускницата:
— Бу буолаары турар эксээмэннэри долгуйа кэтэһэбин. Син бэлэммин эрээри, син биир долгуйар курдукпун. Мин икки предметы туттарабын: математиканы уонна нуучча тылын. Математиканы ыарырҕатыах курдукпун. Идэбинэн алын кылаас учуутала буолуохпун баҕарабын. Тоҕо диэтэр, оҕо эрдэхпиттэн баҕарабын. Учуутал үөрэҕин ыллахпына, логопедка диэри үрдэтинэр соруктаахпын. Инникибин бэйэм Дьокуускай куоракка оҕолору үөрэтэ сылдьарбын көрөбүн, куоракка үлэлии хаалар былааннаахпын. Кылааһым оҕолоругар уонна атын үөрэнээччилэргэ үөрэхтэригэр ситиһиини, эксээмэннэргитин этэҥҥэ туттараҥҥыт, баҕарар үөрэххитигэр киирэргитигэр!
Арина Свешникова, Сааскылаах орто оскуолатын выпускницата:
— Эксээмэннэргэ сүүс бырыһыан эрэлим суох эрээри, туох да кыһалҕата суох туттарыам дии саныыбын. Выборочнайга биир да предметы талбатаҕым, сүрүн предметтэри туттарабын. Ханнык предметы ыарырҕатабын диир буоллахха, тус бэйэм математиканы син ыарырҕатыах курдукпун. Эксээмэннэр кэннэ полицейскайдары бэлэмниир колледжка туттарсыам, тоҕо диэтэр кыра эрдэхпиттэн полицейскай буолуохпун наһаа баҕарабын. Үлэбин Сааскылаахпар саҕалыам этэ. Оҕолорго үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Туох да кыаллыбат диэн суох, онно кыһаллыахха эрэ наада, оччоҕо барыта сатаныа.
Айсулу Гаппазова, Үрүҥ Хайа орто оскуолатын выпускницата:
— Мин эксээмэннэрбэр күүстээхтик бэлэмнэнэ сылдьабын, туттарарга бэлэммин дии саныыбын. Кыра оҕолору кытары чугастык сыһыаннаһар буоламмын, алын кылаас учуутала буолуохпун баҕарабын. Тоҕо диэтэр оҕолорго көмөлөһөрбүн, сүбэлиирбин наһаа сөбүлүүбүн. Инники олохпор сөбүлээн үлэлиир идэлэнэн, элбэх сэмэй-көрсүө доҕоттордонон, улахан сирдэри көрөн, атын куорат дьонун кытары көрсө-билсэ сылдьарбын көрөбүн. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ бэйэм дойдубар кэлэн, үлэбин саҕалыыр былааннаахпын. Үөрэнээччилэр, үөрэххитигэр кытаатыҥ, кылааһым оҕолоро, сөбүлээн талбыт үөрэхтэригэр киирэн, улахан сирдэри көрөн, кэрийэн кэлиҥ. Туохтан да куттанымаҥ, бэйэҕитин куттаамаҥ, сатаабаппыт диэмэҥ!
Яков Стручков, улуустааҕы гимназия выпускнига:
— Эксээмэннэргэ сүүс бырыһыан бэлэммин, этэҥҥэ туттарыам диэн бэйэбэр эрэллээхпин. Ханнык үөрэххэ туттарсарбын өссө да үчүгэйдик быһаарына, былааннарбын игин толкуйдана иликпин. Инникибэр бэйэбин сабыдыаллаах киһинэн көрөбүн. Табаарыстарбар баҕарабын доруобуйаны, үөрүүнү, дьол-соргу эһигини кытта мэлдьи доҕордостун, куһаҕан санаалар, алдьархай эһигини таарыйбатыннар. Төрөөбүт айылҕаҕыт эһиэхэ өр сыллары бэлэхтээтин!
Бу курдук оҕолор бэйэлэрин былааннарын үллэһиннилэр.
Оҕолорбут, этэҥҥэ эксээмэннэргитин ситиһиилээхтик туттаран, талан ылбыт идэлэргитигэр киирэргитигэр, кыһанан үөрэнэн дойдуга туһалаах дьон буолаарыҥ диэн ис сүрэхтэн алҕыыбыт. Ханна да тиийдэргит төрөөбүт дойдугутун, дьоҥҥутун-сэргэҕитин, үөрэммит оскуолаҕытын умнубаккытыгар. Өрүү инники күөҥҥэ сылдьаргытыгар, күүстээх санаалаах, дьулуурдаах буоларгытыгар баҕарабыт.