Анаабыр ырыаһыттара ыаллыы Өлөөн улууһуттан кыайыы көтөллөөх кэллилэр

Өлөөн улууһугар «Дьэлиҥдэ Күөрэгэйэ» диэн Саха Республикатын культуратын туйгуна, Дьэлиҥдэ нэһилиэгин чаҕылхай сулуһа Василий Яковлевич Анисимов сырдык аатын үйэтитэр соруктаах улуустааҕы ырыа күрэҕэ үһүс төгүлүн буолан ааста. Манна Анаабыр улууһун талааннаах ырыаһыттара ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук, Гран При аатын Үрүҥ Хайа эдэр кэскиллээх ырыаһыта Константин Спиридонов сүктэ.

«Ыаллыы сытар Анаабыр улууһугар күрэххэ ыҥырыы кэлбитигэр, Үрүҥ Хайа нэһилиэгиттэн 6 кыттааччы буолан, икки массыынанан буурҕа типпит суолун тоҕута көтөн, үрэх уута тааҥнаабыт моһолун туораан, 12 чаас айаннаан, Дьэлиҥдэҕэ концерт буолуо биир эрэ чаас хаалыыта тиийэн, сып-сап суунан-тараанан кулуупка тиийбиппит.

Күрэх икки туурдаах ааста: бастаан Василий Яковлевич ыллыы сылдьыбыт репертуарыттан ырыа талан толоруу уонна ырыаһыт бэйэтэ талбыт ырыатын ыллааһын.

Уопсайа күрэххэ 22 ырыаһыт кытынна. Киһи сөҕүөх, бу 22 киһиттэн 13 эр киһи, онтон үксүтэ эдэр ыччат. Дьэлиҥдэ уолаттара олус көхтөөхтөр, ырыаһыттар эбит. Бу конкурска сыанаҕа саҥа ыллаабыт уолаттар эмиэ бааллар.

Кулууптара эргэ соҕус буолан, олус тымныы эбит, ол эрэн олус истиҥ көрөөччүлээх буолан, дохсун ытыс тыаһа кыттааччыларга сылаас, истиҥ сыһыаны үөскэттэ. Күрэх олус долгутуулаах, тыҥааһыннаах этэ, ханнык да республика таһымнаах күрэхтэртэн хаалсыбат үрдүк тэрээһиннээхтик ааста.

Василий Яковлевич Үрүҥ Хайаҕа хаста да кэлэн гастроллаан ааспыта, ол иһин биһиги бэркэ билэр киһибит этэ. Кини олус талааннаах ырыаһыт, киһини бэйэтигэр тардар харизмалаах, күүстээх энергетикалаах, көрөөччүнү кытта түргэн үлүгэрдик контакт була охсор, олус юмордаах артист этэ, ол иһин кини гастроллуу кэлэрин иһиттэхпитинэ, кулууп туола охсоро. Итинник сырдык киһи буолан, бу ааспыт ырыа күрэҕэр алтыһан ааспыт доҕотторо, коллегалара, үөрэнээччилэрэ уонна аймах дьоно олус үчүгэй сыаналаах бириистэри туруорбуттара сөхтөрөр, ол курдук улахан телевизор, икки автомат стиральнай машина, робот пылесос, иистэнэр массыыналар, электрическай эрбии, мультиварка, микроволновка уонна да араас бириистэр 22 кыттааччыга барыларыгар тигистэ, ону таһынан биирдиилээн дьон эмиэ сөбүлээбит ырыаһыттарыгар туспа бириис бөҕө туттардылар.

Мин Үрүҥ Хайа нэһилиэгин аатыттан дьүүллүүр сүбэҕэ олорбутум. Дьүүллүүр сүбэ 5 киһилээх этэ, күрэх түмүгүнэн жюри маннык быһаарда:

Гран При аатын Үрүҥ Хайа эдэр кэскиллээх ырыаһыта Константин Спиридонов сүктэ, 1 истиэпэннээх Лауреат аатын эмиэ Үрүҥ Хайа олохтооҕо Надежда Туприна, 2 истиэпэннээх Лауреат Дьэлиндэ эдэр ыччата Семен Николаев, 3 истиэпэннээх Лауреат Үрүҥ Хайа олохтооҕо Гаврил Спиридонов, 1 истиэпэннээх Дипломант Өлөөн улууһун ыччата Юрий Ефимов, 2 истиэпэннээх Дипломант Дьэлиндэ ыччата Семен Николаев, 3 истиэпэннээх Дипломант Өлөөн ыччата Айлен Васильев буоллулар.

Маннык үрдүк таһымнаах күрэхтэр өссө да буола туруохтара диэн эрэнэбин.

Үрүҥ Хайа делегациятын аатыттан Дьэлиҥдэ «Аарык» сынньанар киин үлэһиттэригэр, чуолаан, кулууп директорыгар Светлана Михайловна Дмитриеваҕа уонна Василий Яковлевич аймахтарыгар, нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр махтанабын. Үүнэ-сайда, туругура туруҥ диэн алҕаатаҕым буоллун!»

Үрүҥ Хайаттан И.П.Спиридонова

Читайте дальше