Анаабыр улууһугар ыам ыйын 14 күнүттэн Дьокуускай куораттан доруобуйа уонна медицинскэй профилактика республикатааҕы общественнай кииниттэн хас да хайысхалаах мобильнай биригээдэ олохтоохтору көрөн саҕалаата. Ол курдук, уопсайа 14 исписэлиис, ол иһигэр 3 орто медперсонал кэллэ.
Быраастар чинчийиигэ наадалаах бары тэрилинэн толору хааччыллыылаахтар. Сааскылаахха быраастар олохтоохтору ыам ыйын 19 күнүгэр диэри көрүөхтэрэ, оттон Үрүҥ Хайаҕа ыам ый 20-23 күннэригэр диэри көрөллөр. Санатар буоллахха, мобильнай биригээдэ быйыл Анаабыр улууһугар иккис сырыытын кэлэн үлэлии сылдьар.
Үрдүк категориялаах терапевт-быраас Изольда Алексеева сиһилии маннык кэпсээтэ:
— Мин бу мобильнай биригээдэ быраастарын салайааччыта буолабын. Биһиги биригээдэбит 14 киһиттэн турар, ол иһигэр 11 быраас — терапевт, кардиолог, невролог, офтальмолог, акушер-гинеколог, уролог, эндокринолог, пульмонолог, оториноларинголог, травматолог-ортопед, ультразвуковой диагностика бырааһа, итиэннэ 3 орто медперсонал бааллар. Биһиги хоту улуустары барытын кэрийэн көрдүбүт, ону таһынан ыраах суола мөлтөх улуустарга эмиэ сылдьабыт.
Бырагыраама Ил Дархаммыт дьаһалынан олоххо киирбитэ. Хоту улуустар олохтоохторун доруобуйаларын чиҥэтэн көрөргө сорук турбута. Тоҕо диэтэргин киһи барыта Дьокуускай куоракка тиийэн көрдөрөрө ыарахаттардаах. Онон биһиги бу улахан көмөнү оҥоробут дии саныыбын. Холобура, биир күн иһигэр дьон 11 бырааска көрдөрөр, исписэлиистэр аныылларынан араас анализтары туттараллар.
Анабаар улууһугар биһиги ыам ыйын 13 күнүгэр көтөн кэлбиппит, 14 -19 чыыһылаларга Сааскылаахха дьону көрөбүт, онтон ыам ыйын 20-23 күннэригэр Үрүҥ Хайаҕа үлэлиэхпит. Онтон ыам ыйын 24-25 күннэригэр диспансернай учуокка ылбыт дьоммутун эбии ыҥыртаан чиҥэтэн көрүөхпүт.
101 киһи регистрацияланан көрдөрүнэ сылдьар. Нэһилиэнньэ үксэ хаан баттааһынын, сүрэх уонна ис орган ыарыыларынан көрдөрүнэ кэлэр. Көрдөрөн бүтэллэригэр барыларыгар сүбэ-ама биэрэбит, эмп аныыбыт. Наадыйар дьону куорат балыыһаларыгар ыытабыт. Анаабыр улууһугар РЦМБ 4 кэлиитэ буолар, улахан дьону көрөр биригээдэ 3-с сырыыта, уонна ону таһынан туспа оҕо биригээдэтэ кэлэ сылдьыбыта.
Сааскылаах наһаа кыраһыабай өрүс үрдүгэр турар бөһүөлэк эбит дии санаатым. Быраас киһи быһыытынан бары олохтоохторго чөл олоҕу, доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьыҥ, быраастар сүбэлэрин истиҥ-туһаныҥ, эмтэргитин иһиҥ, доруобай буолуҥ!