Бэйэни салайыныы: аэропортка тиийэр суол тупсаҕай көстүүлээх уот лаампаларынан дьэргэйдэ

Кэнники сылларга олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама (программа поддержки местных инициатив — ППМИ) диэн нэһилиэнньэ кыттыылаах куонкуруһу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үп министиэристибэтэ ыытара тыа нэһилиэктэрэ үлэни-хамнаһы тэрийэллэригэр олус туһалаах хамсааһын буолла.

Анаабыр улууһун Сааскылаах нэһилиэгэ бу куонкуруска 2019 сыллаахтан нэһилиэк ис-тас өттө киэркэйэригэр, дьон олорор сирэ табыгастаах буоларыгар кыһаллан, тиһигин быспакка кыттар. Ол курдук, 2019 сылтан бэттэх оҕо оонньуур былаһааккаларын, кытаанах комунаалынай бөх тоҕор сирдэрин чочуйан сиэмэннээн оҥорбуттара, нэһилиэк сынньалаҥ пааркатын тупсаҕайдык өрөмүөннээбиттэрэ уонна Моҕол ураһаны тутан дьэндэппиттэрэ, нэһилиэк ис-тас суолларын, тротуар оҥорбуттара нэһилиэнньэҕэ бэрт сэргэхсийиини тахсыбыта.

Былырыын нэһилиэнньэни кытта Аэропорт түөлбэтигэр Авиапортовская уулуссаҕа уот лаампаларын туруоруу бырайыагын дьүүллэспиттэрэ. Баһылык Алексей Николаев бу бырайыагы ППМИ куонкурсугар киллэрэр туһунан этиитин мунньахха кэлбит дьон бары өйөөбүттэрэ. Ол кэмтэн ыла бар дьон баҕа санаата, толкуйа, этиитэ тылтан сурукка тиһиллэн, докумуонтан олоххо киирэн Авиапортовская уулуссаҕа 3 килэмиэтир усталаах уот лаампалара умайан сандаардылар. Маныаха анал уот остуолбаларын уонна лаампалары улуус дьаһалтата биэрэн күүс-көмө буолла.

Куонкурус балаһыанньатынан, Үп министиэристибэтиттэн 2 мөл. солк. көрүллүбүтэ, нэһилиэнньэттэн 60 000 солк., нэһилиэк дьаһалтатын бүддьүөтүтүттэн 375 895,44 тыһ. солк., уопсайа 2 435 895,44 солк. харчы хомуллан нэһилиэнньэ үөрүүтүгэр Авиапортовская уулуссаҕа аныгы тупсаҕай көстүүлээх уот лаампалара уотунан күлүмүрдээн дьэргэйдилэр.

Читайте дальше