Дьылдьыт, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига Андрей Варламов быйыл уһун хатааһыннаах саас, кураан сайын буоларын туһунан билгэлээбитин олунньу саҥатыгар таһаарбыппыт. Онно ыксатаммыт, күһүҥҥү ыйдары сабаҕалааһынын ситэ суруйбатаҕа. Онон, аны атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар хайдах күн-дьыл күүтэрин чинчилээбитин билиһиннэрэбит.
Атырдьах ыйа
Саха киһитэ барахсан халлаан сөрүүдүйэн, бырдах арыый хаптайан, окко түмсүбүт кэмэ. Кэтээн көрүүм түмүгүнэн, быйыл атырдьах ыйыгар өлгөмнүк ардаабат. Атырдьах ыйын 2 күнүгэр Ылдьыын уонна Ыспааһаптар (14, 19, 28 чыыһылаларга) ардахтара даҕаны түһэр чинчилэрэ суох. Уулаах, аһыҥата суох үрэхтэргэ, алаастарга, уот сиэбит тыатын уута мустубут сирдэргэ отчуттар түргэн үлүгэрдик бастыҥ хаачыстыбалаах оту оттуохтара. Сүрүннээн сылаас, ыраас күннэр туруохтара.
Сир аһа. Бэс ыйыгар икки төгүл, от ыйын саҥатыгар сөмөлүөтүнэн ардахтаттахтарына – дьэдьэн, хаптаҕас, моонньоҕон, отон ортоһуордук үүнүөхтэрэ. Уһун ардах суох буолан, тэллэй тахсара мөлтүө.
Күһүҥҥү кус. Атырдьах ыйыгар кус булда көнүллэнэр. Саас кусчуттар тыһы кустары ордорон сымыыттатан, оҕолорун этэҥҥэ көтүттэхтэринэ, олохсуйбут кус элбэх буолуо. Саас көҥүл кэмигэр кэмнээн бултаатаххытына, кэрийэн, сымыыттыыр куһу эспэтэххитинэ, сыл аайы сааскы, күһүҥҥү куһу бултуоххут. Онно эбии 2-3 күөлгэ хомуста олордуҥ, оччоҕо күөллэргэ кус сынньаныа, үөскүө.
Балаҕан ыйа
Саха ыала кыстыкка бэлэмнэнэр кэмэ. Ый иккис уон хонугар ардах, сигирээн хаар түһүөҕэ. Сорох сиргэ хаар сири туртатар гына түһүөҕэ. Ый бүтүүтэ тымныйан, сорох сиргэ хаар халыҥнык түһүөҕэ, балачча уһуннук сытан уулларан, тайахсыт, булчут дьоҥҥо күүтүүлээх кэм. Тыаҕа саҥа тайахтыы тахсыбыт булчуттар кыылы суоллуурга үөрэниэхтэрэ. Булчуттар кыраһа хаардаах тыаҕа көтөр-сүүрэр суолун көрөн үөрүөхтэрэ. Ый бүтүүтэ хотуттан кус хойуутук киирэр. Бу тымныы түүннэргэ куһу кытаатан манаан бултааҥ, оччоҕо Байанай эмис куһунан манньалыа. Кураан саас буоллаҕына, куобах барахсан үөскүөн сөп.
Кыстык хаар Бокуруоп кэнниттэн, ол эбэтэр алтынньы 14 күнүн аһаран баран түһүөхтээх.
Түмүккэ Андрей Алексеевич: “Быйылгы 2024 сыл билгэтэ кураан сылы “кэпсиир”, – диэн санаатын булгуруппатын өссө төгүл чиҥэттэ уонна, – быйыл 1941 сыллааҕыга майгынныыр бэс ыйа иһэр. Ааспыт сыл ахсынньы 1 күнүгэр халлаан умайбытын өйдүүр инигит. Ол дьүкээбил уота буолбатах этэ. Итинник түбэһиэх сылга умайбат, кураан сайыны сибикилиир. Сир хамсааһына, булкаан эстиитэ элбиэн сөп. Эмиэрикэҕэ муора, акыйаан түллэннэр, куораттары ууга ыытыахтара. Сэриини күөртүүр аньыылара-харалара айылҕа алдьархайынан дьааһыйыа…”
Василий Никифоров