Михаил Николаев санаалара — саҥа көлүөнэҕэ!

Саха омук тиһэх 50-ча сыл тухары сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах киһи – СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев буолар. «Хаҥалас» хаһыат Саха сирин Уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ Николай Барамыгин ахтыытын таһаарар. 

Мин 1960-с сылларга төрөөбүт саха омугун көлүөнэтин биирдэстэрэ буоларым быһыытынан, көлүөнэ уонна омук сайдыытыгар Михаил Ефимович салҕана турар кылаатын тус бэйэм олоҕум холобурдарынан көрдөрө сатыам.

1977 сылга мин Покровскай орто оскуолатын физмат-кылааһыгар үөрэнэ киирбитим. Онно кылааспыт салайааччыта физика учуутала Дырахов Семен Григорьевич этэ. Кини Михаил Андреевич Алексеевтыын Үөһээ Бүлүүгэ физмат-кылаастары тэрийэргэ үлэлэспитэ уонна кэргэнин дойдутугар Хаҥаласка кэлэн олохсуйбута. Үөрэххэ дьулуурдаах оҕолору бииргэ мунньан үөрэтэри, үрдүк үөрэххэ киирэллэрин ситиһиини Михаил Ефимович 1960-с сыллартан өйүүр этэ.

1990 сыл ахсынньытыгар ыйыгар М.Е.Николаев салалталаах СӨ дэлэгээссийэтэ Японияҕа баран кэлбитэ. Кэлэн баран Японияны кытта бииргэ үлэлииргэ анаммыт тэрилтэни тэрийэр туһунан идиэйэтин эппитигэр Саха сиригэр үс дьоппуон тылын билэр киһиттэн миигин АСЯС — Саха сирэ Японияны кытта үлэлэһэр Ассоциация генеральнай дириэктэринэн 1991 сыл олунньу ыйыгар талбыттара. 1991 сыл муус устар ыйыгар М.Е.Николаев ССРС Президенэ М.С.Горбачев салалталаах дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн Японияҕа кэлбитигэр, биһиги Саха АССР Тас эргиэнин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Василий Моисеевич Ефимовтыын Токио куоракка тиийэммит Михаил Ефимовиһы арыаллаабыппыт.

1992 сылга миигин Японияҕа «Япония-Россия» эргиэн Ассоциациятыгар стажировкаҕа ыыппыта. Онно биир сорудаҕын – Саха сирэ Японияттан гуманитарнай көмө ыларын ситиһэммин, хас эмэ сыл бу дойдуттан медицинскай тэриллэр уонна кыһыл оҕо иһэр хаар уруһуйдаах бороһуок үүтэ босхо кэлбитэ.

Ол сылга Михаил Ефимович сорудаҕынан биһиги, уонтан тахса эдэр киһи, Москваҕа Тас эргиэн Академиятыгар үөрэнэ киирбиппит. Онтон Анатолий Яковлевка уонна миэхэ Японияҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин тэрийэри соруйбута.

1993 сыл муус устар ыйыгар Яковлев Анатолий бэрэстэбиитэлинэн, мин солбуйааччынан ананан Японияҕа барбыппыт. 1998 сылга миигин СӨ Японияҕа бэрэстэбиитэлинэн анаабыта. Саха сирэ, саха омуга аан дойдуга арыллыытын, атын омуктары кытта тэҥҥэ алтыһарын Бастакы Президент булгуччу ирдиир, туруорсар баҕа санаата этэ.

Михаил Ефимович өрүү саҥа сүүрээннэри киллэриэн баҕарара. Мин Японияттан кэлэн баран улууска дьаһалтаҕа үлэлиир кэммэр элбэхтик алтыһар этибит.

Кэлин «Алмазэргиэнбааҥҥа» үлэлии сырыттахпына Россияттан бастакыннан көмүһү Японияҕа уонна Кытайга атыылаабыппытын билэн баран Михаил Ефимович олус сөхпүтэ. Ыҥыран ону-маны кэпсэтэр буолбута…

2019 сылга Михаил Ефимовичтыын көмөлөһөөччүтэ Сергей Поповтуун үһүөн Буотама өрүскэ бара сылдьыбыппыт. Икки күнү быһа ытык киһини кытары кэпсэтэн олоххо экзамен туттарбыт курдук буолбутум. Саха омугун кэскилин, саха литературатын, саха култууратын, саха тылын, аан дойду балаһыанньатын, араас боппуруостарга көрүүлэрбин ыйыталаспыта уонна 2020 сылга СӨ Государственнай Сүбэһитин аппаратыгар референт быһыытынан үлэҕэ ыҥырбыта. Онон пандемия ыар кэмнэригэр, өрөспүүбүлүкэ автономиятын 100 сылын туолар бэлиэ тэрээһиннэригэр бииргэ үлэлээн аастыбыт. Михаил Ефимович сахалыы да, нууччалыы да саҥарарын таһынан олус үчүгэйдик суруйара, тыл суолтатын, тыл дьүөрэлэһиитин олус сыаналыыра уонна олох чуолкайдык ааҕыллар, өйдөнөр буолуор дылы олох уоскуйбат этэ.

Михаил Ефимович Николаев норуот, боростуой дьон олоҕун тупсарары өрүү санаан тахсара, дьадайыыттан тахсыыны олус күүскэ туруорсара. Тыа сирин дьоно ыараханнык олороллоруттан олус кэлэйэрэ, саҥа ньымаларынан хайдах көмөлөһүөххэ синин наар толкуйдуура. Хаҥалас улууһугар Эркээни хочотун сайыннарар суолу СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка сүбэлээн ити саҥа Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сирин-уотун сокуона олоххо киирэн эрэр.

Михаил Ефимович инникини өтө көрөр хаачыстыбалааҕа, 90-с сылларга интернетынан интэриэһиргээн Саха сирин оҕолорун компьютерынан дьарыктанарга угуйбута, өрөспүүбүлүкэтигэр ньиэп уонна гаас хостооһунун өйөөбүтэ уонна омук сирдэргэ экспорга турбанан тахсар ситимин бырайыагы өйөөбүтэ итини туоһулуур.

Миигин кытта кэпсэтиилэргэ саха омуга хайдах бу XXI-с үйэҕэ тыыннаах хаалан сайдыан сөбүн туһунан тиэмэни өрүү туруорара. Биһиги уһук сиргэ олорорбутун, аспытын-үөлбүтүн барытын соҕурууттан аҕаларбытын олох сөбүлээбэт этэ. Кини төһө кыалларын аһылыгынан хааччыйыыны олохтоох дьон илиитигэр төннөрөрү, Саха сирин олохтоохторо уһаайбаланан бэйэлэрин хааччынарга күүс-уох ууруохтарын баҕарара. Михаил Ефимович этиитинэн уһаайбалаах хаһаайыстыбаларга, чааһынай дьоҥҥо аналлаах “Усадебное хозяйство в Якутии” диэн сайты арыйбытым уонна билигин да үлэлэтэ сылдьабын.

Билиҥҥи ыарахан кэмнэргэ улуу убайбыт, аҕам курдук саныыр киһим М.Е. Николаев идиэйэлэрэ, санаалара омукпут, өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар олус сыаналаахтар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев М.Е.Николаевы үйэтитии хамыыһыйатын салайарга быһаарыммыта сөптөөх быһаарыы дии саныыбын. Онон саха дьоно, хаҥаластар, биһиги Михаил Ефимович Николаев идиэйэлэрин дириҥник үөрэтиэх тустаахпыт!

Читайте дальше