Муус устар 19 күнэ — Арассыыйа полиграфиятын күнэ

Арассыыйа полиграфиятын күнэ 2013 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Анаабыр улууһун эрэдээксийэ типографиятыгар үйэ аҥаарын устата үлэлээбит үтүөлээх үлэһиттэрбитин Арассыыйа полиграфиятын күнүнэн эҕэрдэлиибит.

Өтөр уһуннук үлэлээбит ытык мааны үлэһиппит, Анаабыр улууһун бочуоттаах олохтооҕо, “Сахапечать” бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ, Анаабыр улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына — Попов Александр Михайлович. Александр Михайлович оройуоннааҕы типографияҕа бэчээтнигинэн 1973 сыллаахтан айар үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго хаһыат илиинэн талыллан бэчээттэнэрэ, үлэлиир дьиэлэрэ оһоҕунан оттуллар этэ, усулуобуйалара да соччото суоҕа. Ити курдук бу кэмҥэ диэри биһиги киһибит кыһалҕалартан-ыарахаттартан толлубакка, күн бүгүнүгэр диэри үтүө суобастаахтык бииргэ алтыһан үлэлэлээбитэ номнуо 51 сыл буолбут.

Туприна Татьяна Ивановна типография эйгэтигэр үлэлээбитэ 39 сыл буолла. Татьяна типографияҕа бастаан линотипистканан үлэлии киирбит. Сааһын тухары үлэни күүскэ үлэлээн кэллэ, үлэ туйгуна буолбута уонна департамент аатыттан почетнай грамота хаһаайката.

Афанасьева Майа Анатольевна 2001 сылга секретарь идэтинэн маҥнай үлэҕэ киирбит. Элбэх грамота уонна махтал суруктардаах. Кэллиэгэлэрин кытары бииргэ билигин да ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьар.

Күндү кэллиэгэлэрбит, ытыктабыллаах аҕам саастаах бэтэрээммит төрөөбүт дойдугут сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт, албан ааттаах үлэҕит, эстибэт эрчимҥит уонна дойду, норуот туһугар бэриниигит иһин истиҥ махтал тылларын тиэрдэбит. Бу курдук кэскиллээҕи көрөн, өйгүтүн-санааҕытын, билиигитин-көрүүгүтүн түмэн, дьоҕургутун биэрэн, бар дьоҥҥут ытыктабылын ылан дьаныардаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргытыттан киэн туттабыт! Эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр мэлдьи ситиһии эрэ эҥээрдэстин, куруук дьол-соргу эрэ тосхойдун! Алгыс баһа сыаланнын!

Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргит

Читайте дальше