Муус устарга тугу олордобут?

Муус устарга оҕуруот аhын арааhыттан рассада олордуллар. Онтон сорохторо манныктар.

Томат рассадатын биhиги Сахабыт сиригэр сорох оҕуруотчуттар олунньу-кулун тутар ыйдарыгар олордоллор. Ол эрээри эрдэ ситэр суортар рассадалара наhаа уhаан, кыахтарын сүтэрбэттэрин наадатыгар кинилэри муус устар саҥатыгар олордор ордук. Томат маннык суортара уонна гибридтэрэ 50-60 күнүнэн груҥҥа олордуллаллар.

Хаппыыста рассадатын кулун тутар бүтэhигиттэн муус устар бүтэhигэр диэри олордуохха сѳп. Хаппыыста сиэмэлэрэ эрдэ тыллалларын наадатыгар кинилэри таҥас, эбэтэр маарыла лоскуйугар суулаан баран, бастаан сылаас, оттон тымныы ууга 10 мүнүүтэ устатыгар тутуллар. Ол кэнниттэн бүлүүhэҕэ 24 чаас устата хос температуратыгар туруоруллар. Үллүбүт сиэмэлэри буордаах дьааhыкка 1 см дириҥҥэ ыhыллар. Уутун ѳлгѳмнүк кута сылдьыллар. Дьааhыкка сииктээх миркокилиимэти тутарга пленканан сабыллар. Үнүгэстэр таҕыстахтарына, пленканы ылан кэбиhэбит. Хаппыыста рассадата 1-1,5 ыйынан көhөрөн олордууга сѳп буолар.

Оҕурсуну эрдэ амсайыаххытын баҕарар буоллаххытына, муус устарга, 20 чыыhылаҕа диэри олордуҥ. Ол бѳҕѳ, чэгиэн рассаданы ыларга кѳмѳлѳhѳр. Онуоха Кустовой, Алтайский ранний 166, Зозуля, Апрельский, Сфинкс, Московский пижон курдук суортар уонна гибридтэр барсаллар. Сиэмэ матырыйаалын 3% туус суурадаhыныгар угуҥ, дагдайан тахсыбыт сиэмэлэри быраҕыҥ. Түгэххэ хаалбыттары ылан сууйан баран, инчэҕэй таҥаска биитэр маарылаҕа суулааҥ уонна 2-3 күҥҥэ иhиккэ оннук сытыарыҥ.

Үнүгэстэр тахсыбыттарын кэннэ буордаах кѳhүйэлэргэ 2-4 см дириҥҥэ олордуталааҥ. Рассада 3-4 нэдиэлэнэн кѳhѳрѳн олордорго бэлэм буолуоҕа.

Муус устарга баклажан маннык суортарын олордуҥ: Алмаз, Деликатес Краснодарский Скороспелый 148, Бегемот, Деликатесный Грибовский 752. Бу суортар ситэр кэмнэрэ ортотунан 100 күҥҥэ диэри буолар.

Кабачогу эмиэ муус устарга рассадалыыр ордук. Үүнүүнү эрдэ ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, 50 күнүнэн астанар эрдэ ситэр суортары олордуҥ. Холобура, Зебра, Белый лебедь, Якорь, Белоплодный. Кабачоктар кѳhѳрѳн олордору сѳбүлээбэттэр, онон тута тус-туhунан кѳhүйэҕэ 1-2 сиэмэни 3-4 см дириҥҥэ уган ыhыҥ.

Тускар туһан

Сиэмэни бэлэмнээһин ньымалара: сиэмэни суукка аҥаарын устатыгар маргааҥкалаах ууга сытыаран баран, биир ыстакаан ууга биир хааппыла “Эпин” эбэтэр “Циркон” кутуллубут суурадаһыныгар уган, үүнүүтүн күүһүрдэр эттигинэн байыталлар. Эбэтэр марганцовкаҕа убаҕас суурадаһыныгар сытыаран эбэтэр олордор буордаах иһити марганцовкалаах итии уунан ыһыллар, ол оннугар сиэмэни тугунан да эмтээбэттэр. Бытархай сиэмэлэри — буорга, бөдөҥнөрү — муохха тылыннарыллар.

Сиэмэ тахсарын күүһүрдүү: оҕурсу, моркуоп, сүбүөкүлэ, луук сиэмэлэрин туустаах ууга уктахха, астаахтара 2-3 мүнүүтэнэн тимириэхтэрэ, кураанахтара үөһэ дагдайа сылдьыахтара. Тимирбит сиэмэлэри олортоххо, бары тахсаллар. Моркуоп сиэмэтин итии (6 кыраадыстан үрдүө суохтаах) ууга уган, сылытан баран, 3 мүнүүтэ тымныы ууга уган ылан, куурдан ыстахха ыарыыта суох буолар уонна түргэнник тахсар. Оттон оҕурсу, помудуор сиэмэлэрин марганцовка хойуу соҕустук оҥоһуллубут суурадаһыныгар сытыара түһэн баран, ыраас уунан сайҕаатахха, эмиэ чэгиэн-чэбдик арассаада үүнэр. Сорох сиэмэлэри – оҕурсу, кабачуок, тыыкыба, моркуоп, петрушка сиэмэлэрин хос иһинээҕи температуралаах ууга сытыаран, үлүннэрэн баран ыстахха, тахсыылара түргэтиир. Моркуоп, помудуор, сүбүөкүлэ, петрушка сиэмэлэрин 2 суукка илитиллэр, оҕурсу, кабачок сиэмэлэрин муохха сиигирдиллэр. Онуоха көннөрү уутааҕар хаар уута быдан ордук уонна аһын биэрэригэр улахан оруолу оонньуур.

Муохха үүннэрии: бастаан сиэмэни чараас таҥаска, маарылаҕа суулаан, сылаас сиргэ 2 күн сытыараллар. Салгыы муоҕу иһиккэ тэлгээн баран, сылаас уунан ыстаран, сиэмэлэри онно ууран, чараас муоҕунан бүрүйэллэр. Сылаас сиргэ туруохтаах. 3-4 хонугунан сиэмэ силиһин биэрэр, ону тута буолбакка, үүнэ түспүтүн, кыаҕын ылбытын кэннэ, силиһин муоҕуттан араарбакка, буорга олордонуллар. Манна биири өйдүөххэ наада – оҕурсу уонна кабачок кылгас күнү сөбүлүүллэр, онон арассаадалары күн аҥаарыгар күннээх сиргэ, күн аҥаарыгар күлүккэ тутуллар.

Сымыыт хаҕар тылыннарыы: сорох сиэмэни сымыыт хаҕар тылыннарыахха сөп. Маннык үүммүт арассаада көһөрөргө табыгастаах. Сымыыт хаҕын хампы тут да бүтүүтэ, силиһэ алдьаммат. Кальцийынан байытыллан уонна биир кэм сылаас буорга туран, силиһэ олус үчүгэй, ситэри сайдыылаах буолар. Иһиккэ көһөрөр саҕана биирдии араарбакка, хаһы да бииргэ олордуллар. Тэпилииссэҕэ таһаардахха, дьэ, туһунан иһиттэргэ налыччы көһөрүллэр.

Арассааданы көһөрөн олордуу: улаата түспүттэрин кэнниттэн, уопсай иһиккэ олордуллубут арассаадалары туспа иһиттэргэ көһөрүллэр. Уһаан хаалбыт умнастаах үүнээйини көһөрүөх икки күн иннинэ, туругуттан көрөн, уу кутуллубат, оччоҕуна умнаһа, силиһэ сымнаан, истимтиэ буолаллар, көһөрөргө эмсэҕэлээбэттэр. Силис тута сииккэ олорорун курдук, көһөрөр иһит буора эрдэ илитиллэр. Саҥа иһиккэ көспүт арассааданы тута сырдыкка ууруллубат, силиһэ ылсарын наадатыгар бастаан аллараа, күлүк соҕус сиргэ, туруоруллар. Икки хоннорон баран, сылаас, күннээх сиргэ таһаарыллар. Арассаадаҕа хаар уутун кутар ордук.

Оҕуруотчукка ый халандаара