Сааскылаах баһылыга Алексей Николаев: оҕо үлэһит киһи буолан тахсара улахан көмө

Бу күннэргэ Сааскылаах оҕолоро нэһилиэк баһылыга Алексей Николаевы кытта көрсөн кэпсэттилэр. Нэһилиэккэ хас киһи олорорун, туох тутуулар ыытылла туралларын, дьаһалта сүрүн ханнык соруктары туруоран үлэлиирин туһунан элбэх саҥаны биллилэр. Бу туһунан үөрэнээччилэр «Кэскил» хаһыакка суруйдулар.

 – Алексей Петрович, биһиги ураты дойдуга олоробут. Эн санааҕар?

– Саамай сөпкө этэҕит.  Сааскылаах  – Анаабыр долган-эбэҥки национальнай улууһун киинэ. Саха сиригэр саамай уһук хоту баар нэһилиэнньэлээх пууннарга киирэр. Ол эбэтэр хотугу кэтирээһин 71 кыраадыс 95 мүнүүтэ хоту олоробут.

Биһиги улууспут таба иитиитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ Усуйаана улууһун кэнниттэн иккис миэстэҕэ сылдьар. 23 тыһыынчаттан  тахса табалаахпыт. Сааскылаахха икки ыстаадаҕа 3 тыһыынчаттан тахса таба иитиллэр. Төрүт үгэспитин, дьарыкпытын умнубакка, сайыннаран кэлбиппит биһиги киэн туттуубут, ситиһиибит буолар.  Уонна атын хоту улуустартан уратыбыт диэн биһиэхэ таба итиитин, балыктааһыны, бултааһыны кытта тэҥҥэ промышленность сайдыыта баар. Ол курдук «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ Сааскылаах нэһилиэгин сиригэр үлэлиир-хамсыыр. Бэлиэтээн эттэххэ, 2027 сылга биһиги нэһилиэкпит төрүттэммитэ 100 сыла буолар. Ол бэлиэ сылбытыгар бэлэмнэнии үлэтэ кыралаан саҕаланар.

– Алексей Петрович, кэнники биэс сылга биһиги нэһилиэкпит саамай улахан ситиһиитэ, Эн санааҕар, тугуй?

– Эһиги миигин кытта сөбүлэһиэххит дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, бу аныгы олоххо саамай суолталаах уонна быһаарыылаах. Ол иһин улууспут саамай бэлиэ ситиһиитинэн оптоволоконнай сибээс кэлиитин ааттыыбын. Билигин түргэн сибээс Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр тиийдэ. Инники сайдыыбытыгар улахан төһүү буолар күүс биһиэхэ эбилиннэ дии саныыбын.

– Алексей Петрович, онтон нэһилиэк иннигэр ханнык сүрүн кыһалҕа турарый уонна ону быһаарарга туох үлэ ыытылларый?

– Биһиги нэһилиэкпитигэр саамай сүрүн кыһалҕабыт, кэлиҥҥи элбэх сыллар усталарыгар, олорор дьиэ боппуруоһа буолар. Тоҕо диэтэххэ, үөрэхтээх дьон, учуонайдар этэллэринэн, киһи үөрэниэн, политиканан, култууранан, искусствонан дьарыктаныан иннинэ олорор дьиэлээх буолуохтаах. Онон ити боппуруос сүрдээх сытыытык турар. Нэһилиэкпитигэр олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга сүүстэн тахса ыал уочаракка турар. Ону быһаарар сыалтан 2019-2025 сыллаах тус сыаллаах федеральнай бырагыраамаҕа киирэммит, 47 дьиэни хаарбах туруктаах дьиэ ахсааныгар киллэрбиппит. Ол дьиэлэр көтүрүллэннэр, саҥа дьиэлэргэ көһүөхтээхтэр. Улууспут салалтата ыраас иһэр уу дьоҥҥо олорор дьиэлэригэр кыраантан кэлэрин курдук гына анал бырайыак оҥотторо сылдьар. Ол бырайыак оҥоһуллан, экспертизэни ааһан турар. Билигин үп-харчы көрдөөһүнүгэр үлэ барар.

– Алексей Петрович, биһиги эмиэ Сааскылаах олохтоохторо буолабыт. Нэһилиэкпит сайдыытыгар тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?

– Эһиги саамай улахан көмөҕүт диэн ситиһиилээхтик үөрэнэҥҥит, идэлээх үлэһит уонна үтүө дьон буолан тахсаргыт – бу нэһилиэк сайдыытыгар саамай улахан көмө. Оттон биһиги, салалта, идэлээх үлэһиттэрбитигэр үлэлииргэ уонна олорор сөптөөх усулуобуйалары тэрийэр сыаллаах үлэлиибит.

Бүгүн нэһилиэк дьаһалтатыгар анаан-минээн кэлэҥҥит баар кыһалҕалары билсэ олороргут сайдыыга анаммыт тус бэйэҕит көмөҕүт буолар. Онон мин эһиэхэ дириҥ махталбын тиэрдэбин.

Дайаана ТУПРИНА, Кира АНДРОСОВА, VII «А» кылаас,

Сааскылаах орто оскуолата, Анаабыр

Читайте дальше