Сааскылаах оскуолатын үөрэнээччитэ Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска ситиһиилэннэ

Сааскылаах орто оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччитэ Валерий Пономарев Москва куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы “Туристический код моего города, поселка, района” куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан, үһүс истиэпэннээх дипломант буолан кэллэ.

Куонкурус Арассыыйа муниципальнай тэриллиилэригэр ис туризмы сайыннарыыга көхтөөх кыттыыны ылбыт талааннаах эдэр ыччаты арыйар уонна өйүүр сыаллаах ыытылынна. Валера наставнигын — ийэтин Кононова Мария Егоровнаны кытары “Мин тапталлаах Сааскылааҕым” диэн бырайыагы оҥорон, кыайыылаах кэллилэр.

Куонкуруһу кэтэхтэн ситиһиилээхтик ааһан, Валера Москва куоракка “Интумаркет — 2024” норуоттар икки ардыларынааҕы туристическай быыстапкаҕа ыҥырыллыбыт. Бу туһунан сиһилии Мария Кононова кэпсээтэ:

Бу “Туристический код моего города, поселка, района” куонкуруска бастаан кэтэхтэн кыттыбыппыт. Уолбунаан “Мин тапталлаах Сааскылааҕым” бырайыак оҥорон ыыппыппыт. Бырайыакпыт финалы ааһан, Москва куоракка ыҥырыллыбыппыт. Маннык түгэн олоххо биирдэ бэриллэр диэммит, тута сөбүлэһэн айаҥҥа туруммуппут. Москваҕа бырайыакпытын көмүскээн, үһүс истиэпэннээх дипломант аатын ылбыта уолум. Куонкурус бэйэтэ хас да хайысхалаах этэ. Кыттааччылар Арассыыйа араас муннугуттан кытта кэлбиттэр. Саха сириттэн биһиги эрэ баар этибит. Тэрээһиҥҥэ саастарынан наардаан, секцияларынан араартаабыттара. Биһиги кыттыбыт секциябыт — “Государственный университет управления”. Бырайыакпыт хайысхата “История страны, история народов, этнографический туризм” диэн этэ. Бырайыакпытыгар Сааскылаахпыт кэрэ көстүүлэрин, сирдэрин, оҥоһуктарын оҥорбуппут, маршрут курдук оҥорон, уопсайа 12 тохтобул буолбута. Дьүүллээччилэр интэриэһиргээбиттэрэ — сэҥээрбиттэрэ аҕай, араас боппуруос бөҕөтүн ыйыталаспыттара. “Тугунан дьарыктанаҕыт, култуураҕыт хайдаҕый, туох өссө ураты баарый” диэбит курдут боппуруостары ыйыппыттара. Таҥаспытын игин дэлби сэҥээрбиттэрэ, долганскай таҥаспытын кэтэ сылдьыбыппыт. Саха сиригэр маннык Сааскылаах диэн сир баар эбит диэн билбиттэрэ. Соһуйан аҕай буолбуттара, маннык ыраах сиртэн кэлэ сылдьарбытын. Бэйэм туспа төгүрүк остуолга эмиэ кыттыбытым, семинар курдук буолбута. Онно тахсан эмиэ бэйэм дойдум туһунан, култуурабыт туһунан, аҕыйах ахсааннаах норуоттар хайдах олороллорун туһунан кэпсээбитим. Эмиэ интэриэс бөҕөтө буолбуттара. Бу сылдьан элбэх саҥаны биллибит-көрдүбүт, араас омуктары кытары билсистибит-кэпсэттибит. Бары наһаа эйэҕэстэр, биир сомоҕо буолан үчүгэйдик сырыттыбыт. Атын учууталлары да кытта уопут атастастыбыт. Бастаан тиийэрбит саҕана наһаа долгуйбутум. Мунаахсыйарбыт игин буолуо диэн. Хата тэрийээччилэр барытын наһаа үчүгэйдик тэрийбит этилэр, киһи муммат-буккуллубат гына. Ол быыһыгар өссө экскурсиялар буолбуттара, сэргэхтик кэпсээн-ипсээн, көрдөрөн күүлэйдэппиттэрэ. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллынна. Сүргэбит көттөҕүллэн, астынан, дьоллонон аҕай кэллибит.

Түгэнинэн туһанан, махталбын тиэрдэбин орто оскуола администрациятыгар, оскуола дириэктэригэр Свешникова Августина Васильевнаҕа уонна үөрэх управлениетын начальнигар Елисеева Любовь Дмитриевнаҕа.

Читайте дальше