Сааскылаах орто оскуолатын аактабай саалатыгар оскуола үөрэнээччилэригэр “Эдэр профессионаллар — 2024” профессиональнай маастарыстыбаҕа улуустааҕы чөмпүйэнээт үһүс төгүлүн буолан ааста.
«World Skills» эбэтэр «Эдэр профессионаллар» диэн инники идэни табыгастаахтык таларга аналлаах күрэхтэһии, экономикаҕа уонна үлэ рыногар туһааннаах ирдэбилгэ сөп түбэһэр үөрэх тэрилтэлэрин кыахтарын хааччыйыыга федеральнай бырайыак буолар. Бу хамсааһын кэлин олус күүскэ сайынна. «Эдэр профессионаллар» хамсааһыны бэрэсидьиэн Владимир Путин, дойду бырабыыталыстыбата уонна олохтоох былаастар көхтөөхтүк өйүүллэр. Анаабыр оройуонугар WorldSkills стандартарга чемпионат 2012 сыллаахха аан маҥнайгытын ыытыллыбыта.
Тэрээһини Арассыыйа гимнынан арыйдылар. Анаабыр улууһун үөрэҕин управлениетын начальнига Любовь Елисеева эҕэрдэ тылын эттэ, кыттааччыларга кыайыыны-хотууну баҕарда. Кэлбит кыттааччылары уонна экспертары эҕэрдэлээтэ эбии үөрэхтээһин киинин директорын толорооччута Снежанна Им. Уопсайа күрэххэ 20 оҕо кыттыыны ылла. Оҕолор биэс компетенцияҕа күрэхтэстилэр. Ол курдук, визажистика уонна стилистика, балыгы обработкалааһын, валяниеҕа, таҥаска уруһуйдааһын уонна хаартыскаҕа түһэрии киирдилэр.
Визажистика уонна стилистика хайысхатынан экспертарынан буоллулар чааһынай урбаанньыт, тыҥырах маастара уонна баттах кырыйааччы маастара Оксана Павлова, Анаабырдааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын методиһа уонна визажист маастара Снежана Винокурова.
Балык обработкалааһыҥҥа экспертарынан буоллулар Н.Е. Андросов аатынан элбэх хайысхалаах унитарнай тэрилтэ исписэлиистэрэ Геннадий Спиридонов, Мария Им, Ольга Акакиева. Таҥаска уруһуйдааһын экспертара — эбии үөрэхтээһин педагога Зоя Спиридонова уонна Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин дириэктэрин солбуйааччыта Татьяна Туприна. Уонна бүтэһик хаартыскаҕа түһэрии компетенция экспертарынан кытыннылар “Анаабыр уоттара” эрэдээксийэ исписэлиистэрэ Мария Яроева уонна Майа Афанасьева.
Кыттааччыларга үлэлэрин толороллоругар түөрт чаас бэрилиннэ. Оҕолор бу бириэмэ иһигэр маастарыстыбаларын, куонкурус сорудахтарын дьүүллүүр сүбэ хамыыһыйатын иннигэр оҥорон көрдөрдүлэр.
Идэ, үөрэххэ уларыйыылар, куонкурустар олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыллар дииллэрэ оруннаах. Ол курдук кыайыылаахтары биллэрэр долгутуулаах чаас тиийэн кэллэ.
Экспертар биир биир тахсан бэйэлэрин хайысхаларынан чөмпүйүөннэр ааттарын ааттаатылар.
“Визажист уонна стилистика” кыайыылааҕа буолла Чуприна Ванесса, Сааскылаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.
“Балыгы обработкалааһын” кыайыылааҕынан ааттанна Лазарев Эрчим, Сааскылаах оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ, Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ.
“Валяние” хайысхатыгар кыайда Туприна Лилиана, Анаабырдааҕы гимназия оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ.
“ Таҥаска уруһуйдааһыҥҥа” кыайыыны ситистэ Андросова Виталия, Сааскылаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.
“Хаартыскаҕа түһэриигэ” кыайыылаах аатын ылла Андросов Сахамин, Сааскылаах орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччитэ.
Кыайыылаахтарга грамоталары, мэтээллэри уонна сэмэй бэлэхтэри туттартаатылар, кыттыыны ылбыт оҕолорго сэртипикээт туттардылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ махтанан тураннар, үөрэх управлениетын аатыттан махтал суруктары тиксэрдилэр.
Онон, бу чөмпүйэнээккэ интэриэс улаатан, оҕолор сатабыллара уонна дьоҕурдара сайдан, идэҕэ бэлэмнииргэ үлэ кэҥээн иһэрэ бэлиэтэннэ. Бу хайысха көмөтүнэн оҕо талыан баҕарбыт инники идэтин дириҥник үөрэтэр уонна бэйэтин холонон көрөр.
Кыайыылаахтарга эҕэрдэ, инники өттүгэр ситиһиилэри!