Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ кэнники сылларга судаарыстыбаттан көрүллэр көмө көрүҥэ элбэх. 2011 сылтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ босхо сир учаастага бэриллэр буолбута, эбэтэр босхо учаастак оннугар — харчынан төлөбүр. 2022 сылтан сэтинньи 16 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа сокуон ылыллыбыта. Бу сокуон чэрчитинэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр босхо учаастагы ылыахтарын баҕарбат буоллахтарына, харчынан төлөбүрү ылыахтарын сөп. Бу харчыны дьиэ кэргэн ипотеканы сабарга, дьиэни атыылаһарга, эбэтэр, туттарга ыытыан сөп. Онон олорор усулуобуйаларын тупсарыыга туһаныахтаахтар. Төлөбүр кээмэйэ – быһа холоон 200 тыһыынча солкуобай кэриҥэ.
Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ улуус дьаһалтатын дьиэтигэр испииһэккэ уочаракка турбут үс эбэтэр үстэн үөһээ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэргэ сир учаастактарын биэртэлээтилэр. Уһаайба сирин учаастагынан босхо хааччыллыы испииһэгэр уочаракка турар элбэх оҕолоох ыал уопсай ахсаана 2024 сыл тохсунньу ый 23 күнүнээҕи туругунан 22 дьиэ кэргэн, Сааскылаахтан 17 ыал, Үрүҥ Хайаттан 5 ыал турар.
Ол курдук, быйыл 22 ыалга сир учаастактарын түҥэттилэр. Тохсунньу ый 15 күнүгэр учаастактары ылыыга сэрэбиэй ыытылынна. Уопсайа 39 ыал кыттыыны ылла. Үөһээ бөһүөлэккэ Северная уулуссаҕа күөх зонаны көҕүрэтэн, сири кэҥэтии үлэтэ ыытыллыа, сотору кэминэн дьиэлэр дьэндэһиэхтэрэ. 17 дьиэ кэргэн сир учаастагыттан аккаастанан 200 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү ыллылар.