Сааскылаахтар Саха тыйаатырын туруоруутун сэргээн көрдүлэр

«Алмаас» култуура киинигэр Саха тыйаатырын артыыстара Дмитрий Таас айымньытынан «Кыһыл көмүс хоруоп» испэктээги көрдөрдүлэр.

Испэктээги киһи сэргии, салгыбакка, интэриэһиргээн биир тыынынан көрөр. Ааспыт үйэ дьалхааннаах 30-с сыллара. Күөх Тумул сэлиэнньэтигэр кэпэрэтиип бирикээсчитинэн үлэлии сылдьар Кириһээн Макаарабы оҕо эрдэҕиттэн «дэриэтинньик сиэнэ» диэн сирэй-харах анньаллара. Дьон кэпсииринэн, былыр кини эһэтэ Дугуйа Ньукуу Унньулла кинээс диэн аатырар баай киһиэхэ хамначчыттыы сылдьан, эмискэ «куһаҕан өлүүттэн» өлөн, илэ дэриэтинньик буолбута үһү…

Испэктээк бу маннык саҕаланар.  Көрөөччү тута 30-c сылларга түбэһэ түһэр. Артыыстар таҥастара-саптара, тутта-хапта сылдьаллара, муусуката — оччотооҕу кэм бэркэ ойууланар.

«Кыһыл көмүс хоруоп» детектив жанрыгар оҥоһуллубут испэктээк буолан, киинэ курдук ааста.

Читайте дальше