«Туундара угуйар» улуустааҕы күрэс кырачааннары түмтэ

Сааскылаах иккис нүөмэрдээх “Чуораанчык” уһуйаанын дьиэтин таһыгар Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас уонна Сааскылаахха волонтерство сылларыгар анаммыт  “Туундара угуйар” диэн сылын аайы ыытыллар улуустааҕы куонкурус буолан ааста.

Куонкуруска улуустан уопсайа икки уһуйаан кыттыыны ылла: бастакы нүөмэрдээх “Тугутчаан” уонна иккис нүөмэрдээх “Чуораанчык”. Үрүҥ Хайа уһуйаанын иитиллээччиэлэрэ  суол суоҕуттан сатаан кэлбэтилэр. Оҕолор халлаантан толлубакка, бэркэ күрэхтэстилэр.

Күрэҕи иилээн-саҕалаан ыыттылар иккис нүөмэрдээх уһуйаан иитээччитэ Семенова Елизавета уонна бастакы нүөмэрдээх уһуйаан иитээччитэ Стрекаловская Лидия. Күрэс икки туурунан ыытылынна. Бастакы туурга — хамаандалары эҕэрдэлээһин, ааттарын, девизтарын, эмблемаларын билиһиннэрии уонна хотугулуу үҥкүү нүөмэрин көрдөрүү. Иккис туур биэс түһүмэҕинэн хайдынна: маамыктаны быраҕыы, мас тардыһыыта, наарта ыстаныыта, хапсаҕай уонна эстафета.

Ханнык баҕарар куонкурус дьүүллүүр сүбэтэ суох ааспат. Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн буолла Розалия Толбонова, иитии уонна эбии үөрэхтээһин отделын салайааччыта, чилиэннэринэн — Любовь Спиридонова, Оҕо спорт оскуолатын дириэктэрин солбуйааччыта, тренер, Снежана Винокурова, Анаабырдааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын методиһа, Сергей Протодьяконов, Оҕо спорт оскуолатын дириэктэрэ уонна Николай Михайлов, Оҕо спорт оскуолатын учуутала.

Кырачааннар тымныыны тымныы диэбэккэ, күрэхтэргэ илин-кэлин түһэн тыҥааһыннаахтык кииристилэр. Хоту оҕолоро диэх курдук маамыкта быраҕыытыгар бары бэркэ-астына оонньоотулар, атын оонньууларга да көхтөөхтүк кытыннылар.

Ол курдук, бастакы миэстэни ылла иккис нүөмэрдээх “Чуораанчык” уһуйаан. Иккис — бастакы нүөмэрдээх “Тугутчаан” уһуйаан уонна үһүс миэстэ — Үрүҥ Хайа “Тугутчаана” уһуйаан. Кырачаан саарыннары грамоталарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадалаатылар. Уонна сүрүн бирииһи “Кубогы” иккис нүөмэрдээх уһуйааҥҥа туттардылар.

Түмүккэ, инникитин да маннык кырачааннары түмэр, спортка көҕүлүүр, өбүгэ оонньууларын  тарҕатар, сахалыы эйгэни төрүттүүр күрэхтэр үксүү турдуннар.

                                                                                      Мария Яроева

Читайте дальше