Сааскылаахха “Узоры Анабара” түмсүү дьиэтигэр байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга анаан блиндажнай чүмэчи оҥоруутугар Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытталлар.
Олохтоохтор Зинаида Лебедева салалтатынан уопсайа 60-тан тахса блиндажнай чүмэчи оҥорбуттар. Өссө да 100-кэ тириэрдэр былааннаахтар. Н.Е. Андросов аатынан “Фаворит” маҕаһыын бааҥкаларынан уонна “Тугутчаан” оҕо уһуйаана чүмэчинэн күүс-көмө буолбуттар. Биир бааҥкаҕа 3-4 чүмэчи барар эбит.
Зинаида Спиридоновна нэһилиэк олохтоохторун, тэрилтэлэрин бары биир санаанан Кыайыы туһугар, СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбыт эйэлээх олоххо этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕаран туран, көмө тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыыны ылалларыгар ыҥырар.
«“Узоры Анабара” түмсүү дьиэтигэр суббуота — баскыһыанньа күн тиийэн үтүө санаа аахсыйатыгар кыттыһан, бэйэҕит кылааккытын киллэрэргитигэр ыҥырабын«, — диир кини.