Волонтер оҕолорбут үлэлэрин сыаналыаҕыҥ

Сылын аайы бэс ыйыттан саҕалаан оҕолор волонтерскай үлэлэрэ саҕаланар. Уулусса устун кумааҕы, пластиковай бытыылка уонна да атын бөҕү бырахпыттарын куул соһуулаах оҕолорбут хомуйан, нэһилиэкпит көстөр быһыытын ырааһырдаллара хайҕаллаах. Ол курдук, бэс ыйын 15 күнүттэн Сааскылаахха бастакы сезон этэрээтэ үлэлиир.

Этэрээккэ уопсайа 14 оҕо баар, кинилэри Ангелина Максимова көрөн-истэн үлэни салайа сылдьар. Оҕолор 10 чаастан киэһээ 5 чааска диэри нэһилиэк иһин хомуйаллар. Волонтердар от ыйын 14 күнүгэр диэри сылдьыахтара. Онтон иккис сезон үлэтин саҕалыаҕа.

— ”Биһиги бэҕэһээ “Лидер” маҕаһыыныттан биэрэккэ диэри түһэн, булуус аттын хомуйбуппут. Этэрээппитигэр уопсайа 14-пүт. Ангелина Владимировна салайан илдьэ сылдьар. Мин волонтер этэрээтигэр бастакыбын үлэлии сылдьабын. Сарсыарда уон чаастан мустан, киэһээ биэс чааска диэри сылдьабыт. Уон икки чаастан дьиэбитигэр тарҕаһан эбиэттээн баран, икки чааска мустан үлэбитин салҕыыбыт. Ыарырҕатарым диэн, ыйааһыннаах кууллары таһар. Чугастыы бөх быраҕар сиргэ илдьэбит. Дьигинэ биир сиргэ мунньан уурдахпытына, транспорт кэлэн тиэйэрэ буоллар бэрт буолуо этэ”, — диэн Коркина Алена санаатын үллэһиннэ.

Хомойуох иһин, нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттара айылҕаҕа сынньана таҕыстахтарына бэйэлэрин кэннилэриттэн хомуммат буолуулара баар суол. Оҕолорбут нэһилиэк иһин эрэ буолбакка, чугастыы ойуур иһинэн эмиэ хомуйаллар. Дьон-сэргэ ырааһа, амарах санаата, сүрэхтээх буолуута тэлгэһэ иһиттэн саҕаланар. Онон нэһилиэкпитин, айылҕабытын харыстыаҕыҥ! Айылҕа уонна киһи ситимнээҕин умнумуоҕуҥ. Айылҕаҕа сылдьан бөҕү-саҕы хаалларымаҥ. Ыраастык, харыстаан сыһыаннаһа сатааҥ. Волонтёр оҕолорбут үлэлэрин сыаналыаҕыҥ, бэйэ-бэйэбитигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ.

Читайте дальше