Алтынньы 4 күнүгэр, Учуутал күнүн көрсө, Ил Дархан Айсен Николаев бастыҥ уһуйааччы-педагогтарга судаарыстыбаннай наҕараадалары уонна бириэмийэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Аһаҕас куоластааһын түмүгүнэн 36 киһи бириэмийэни ылла.
Бастыҥ уһуйааччы-педагогтар ортолоругар Анаабыр улууһуттан Үрүҥ-Хайа оскуолатын учуутала Раиса Туприна баар. Раиса Федотовна Үрүҥ-Хайа үтүөлээх учуутала, уопуттаах педагога, уруһуйга уонна черчениеҕа үөрэтэр, нэһилиэккэ холобур буолар убаастабыллаах киһи. Кини Үрүҥ-Хайа оскуолатыгар үлэлии-хамныы сылдьыбыта номнуо 36 сыл буолбут.
Раиса Федотовнаны бу үрдүк наҕараадатынан эҕэрдэлиибит уонна инникитин иитэр-үөрэтэр үлэтигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиини баҕарабыт!
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев бастыҥ уһуйааччы-педагог бириэмийэ олохтуур туһунан соруга 2023 сылтан олоххо киирэн, быйыл иккис төгүлүн ыытыллынна. Күрэс кыттааччыларын улуус уонна куорат уокуруктара бэйэлэрэ талан ыллылар. Манна уһуйаан, оскуола, эбии үөрэх уонна орто анал үөрэх кыһаларыттан кытыннылар. Быйыл уопсастыбаннай куоластааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан уопсайа 120 учуутал кыттыбыта бэлиэтэнэр.
СИА хаартыскалара