Үрүҥ Хайа ыстаадаларыгар күһүҥҥү хараал үлэтэ түмүктэннэ

Сааскылаахтааҕы чинчийэр лабораториялаах бэтэринээринэй управление исписэлиистэрэ Үрүҥ Хайа муниципальнай унитарнай тэрилтэлэр ыстаадаларыгар тахса сырыттылар. Былааннаах күһүҥҥү хараал үлэтэ хайдах ааспытын туһунан бэтэринэриийэ управлениетын салаатын сэбиэдиссэйэ Николай Семенников кылгастык сырдатта.

«Күһүҥҥү хараал үгэс курдук атырдьах ыйыттан саҕаланар. Куораттан бэтэринэриийэ департаменыттан 1 исписэлиис, АГАТУттан 1 преподаватель уонна аспирант кэлэ сырыттылар. Үрүҥ Хайа 6-7 нүөмэрдээх ыстаадаларыгар, уопсайа 20-тэн тахса киһи буолан, 10-ча хонукка сылдьан кэллибит. Сайыммыт этэҥҥэ ааһан, быйыл табалар туруктара куһаҕана суох. Уопсайынан хараал эрдэ саҕаламмыта, Үрүҥ хайалар атырдьах ыйын 18 күнүгэр тахсан, 3,4,8-с ыстаадалары харааллаан киирбиттэрэ. Биһиги быыбар бириэмэтэ кэлэн, тутуллан хаалбыппыт, ол иһин хойутаан тахсыбыппыт. Биһиэхэ былааммытын толорорго диэн, ордук кутталлаах сибирскай язваны утары сыл аайы 14 000 вакцина көрүллэр, бруцеллезка — 8000, ииримтийиини утары — 11 000 быһыы.

6 ыстаадаҕа (Хара тумуска) син ыарахаттары көрүстүбүт диэххэ сөп, хараалга табалара киирбэтилэр, биригэдьиирдэрэ суох буолан биэрдэ. Киирбиттэрэ буоллар, төһө кыалларынан хаан ылыахтаах этибит. Аны туран тирии бааһын ыарыыта 2-с сылын турда, итини утары быһыы игин диэн суох, сэрэтэр үлэлэр ыытыллаллар. Табалары саастарынан уонна аналларынан наардаталаан, хаан анаалыһын уонна вакцина туруордубут. Хаан анаалыһын табалартан эрэ буолбакка, көтөрдөртөн эмиэ ылабыт, уопсайа 20 көтөртөн ыллыбыт (көтөр кириибигэр). Табаһыттарга таба сыстыганнаах ыарыыларын туһунан кэпсэтии ыытылынна, атахсыт уонна эдемагеноз ыарыылартан хайдах сэрэниэххэ сөбүн быһаардыбыт.

Маны таһынан куоскаларга, ыттарга эмиэ быһыы туруорабыт. Былааҥҥа чума утары 150 вакцина биэрэллэр, ииримтийиигэ 100 вакцина сыл аайы укуоллуубут. Бешенствоҕа босхо бэриллэр, чумаҕа төлөбүрдээх, тоҕо диэтэр  мультикан диэн вакцинаннан бэриллэр, ол бэриллиннэҕинэ, холобура, 8 араас ыарыыттан харыстыыр.

Үрүҥ Хайа стационарнай хараалларыгар өрөмүөн наада дии саныыбын, укуоллуур көрүдүөр игин суох, тиэхиньикэ өттүнэн эмиэ сайдыы наада. Үлэһиттэр тиийбэттэригэр үлэ бытаан соҕус. Онон бу кылгас бириэмэ иһигэр бэрт элбэх үлэ оҥоһуллара ирдэнэр», — диэн кэпсээнин түмүктээтэ Николай Александрович.

Читайте дальше