Муус устар 6 күнүгэр Саха сиригэр аҕалар күннэрин бэлиэтээн, Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр, тымныыны тымныы диэбэккэ, 10-тан тахса түһүмэхтээх булт үгүс көрүҥнэригэр күрэхтэһии буолан ааста. “Аҕабын кытары Байанайбыт суолунан” диэн күрэх Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананна. Уол оҕону айылҕаҕа, булка-алка уһуйар сыаллаах, илин-кэлин түсүһүүлээх күрэххэ туундара хоһууннара, эдэр аҕалар уол оҕолорун кытары кытыннылар.
Түмүккэ анал ааттар иҥэрилиннилэр:
“Хотугу хоһууннар” анал ааты ыллылар Василий уонна Богдан Кудряковтар;
“Байанайдаах булчуттар” — Иннокентий уонна Дьулурхан Спиридоновтар;
“Сыыдам сырыылаах түмэр түһүлгэлээх булчуттар” — Степан уонна Айаал Туприннар.
Күөн күрэс кыайыылаахтарынан Анатолий уонна Валериан Поповтар буоллулар. Олохтоох дьаһалта уонна култуура киинэ туруорбут уматыкка сэртипикээттэри туттартаатылар.
Күрэҕи тэрийдилэр нэһилиэк эр дьонун “Хотугу Хоһуун” түмсүүтэ Иван Спиридонов, Сергей Спиридонов, “Ыччат” түмсүүтүн салайааччыта Анастасия Спиридонова. Күрэҕи дьүүллээн ыытта эти-сиини эрчийэр саала тренера Милан Спиридонов.
Онон хотугу дойду хоһууннарыгар – күрэх кыттыылаахтарыгар уруй-айхал буолуохтун!