Сааскылаахха күөн күрэс-кэнсиэр үлэ дьонун түмтэ

Сэтинньи 4 күнүгэр Россия судаарыстыбаннай бырааһынньыга — Сомоҕолоһуу күнэ бэлиэтэнэр. Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө “Алмаас” култуура киинигэр  тэрилтэлэр икки ардыларыгар бырааһынньыктааҕы күрэс — кэнсиэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Уопсайа 8 тэрилтэ 4 түһүмэхтээх тэрээһиҥҥэ күөн көрүстүлэр.

Күрэх түөрт түһүмэҕинэн ыытыллынна. Бастакы түһүмэххэ тэрилтэлэр талан ылбыт норуоттарын култуураларын, сирдэрин билиһиннэрдилэр.  Манна тэрилтэлэр национальнай таҥастаах тахсан, көрдөрөр омуктарын олоҕун-дьаһаҕын,  дойдуларын сирин-уотун туһунан сиһилии кэпсээтилэр, слайда нөҥүө көрдөрдүлэр. Саалаҕа олорон омук дойдуларыгар күүлэйдээн кэлбит курдук сананныбыт.  Иккис түһүмэххэ кыттааччылар талан ылбыт омуктарын төрүт астарын  астаан аҕалан, дьүүллүүр сүбэҕэ амсаттылар. Көрөөччүлэр атын норуоттар ураты астарын көрөн сөхтүлэр.  Оттон үһүс түһүмэххэ омук үҥкүүтүн үрдүк сыанаҕа көтө-дайа үҥкүүлээн тэйдилэр, ыллаан туойдулар.Көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһын кыттааччыларга бэлэхтээн сүргэлэрин көтөхтүлэр.  Бүтэһик түһүмэххэ норуоттар национальнай таҥастарын көрдөрдүлэр. Араас омуктар таҥастара-саптара, кэрэ киэргэллэрэ  киһи хараҕын үөрдэр.

Маны барытын дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Ол курдук дьүүллүүр сүбэҕэ киирдилэр: улуус баһылыгын социальнай боппуруостарын солбуйааччыта Николай Андреев, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Туяра Туприна, иккис нүөмэрдээх “Чуораанчык” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Зинаида Лебедева, декоративнай-прикладной искусство маастара Аксинья Сивцева уонна дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, “Алмаас” култуура киинигэр норуот айымньытын салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Попова.

Улуустааҕы гимназия оскуолатын кыттааччылара нуучча норуоттарын, Аэропорт тэрилтэ – киргизтэри, пенсионнай пуонда тэрилтэ – чеченецтары, уотунан хааччыйар тэрилтэ – дагестанецтары, Сааскылаахтааҕы оскуола кэллэктиибэ — казахтары, “Анаабыр Алмаастара” дьахтар үҥкүү кэллэктиибэ – азербайджанецтары, оҕону эбии үөрэхтээһин тэрилтэ — тувинецтары уонна бүтэһик нүөмэринэн улуустааҕы киин балыыһа тэрилтэ — чуукчалары билиһиннэрдилэр.

Кыттааччылар бары күүстээхтик бэлэмнэммиттэрэ тута көстөр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан үһүс миэстэни уотунан хааччыйар “Сахаэнерго” тэрилтэ,  иккис –улуустааҕы гимназия оскуолатын кэллэктиибэ ыллылар. Кыайыылаах үрдүк аатын Сааскылаахтааҕы орто оскуолатын кэллэктиибэ  ылан үөрүүлэрэ үксээтэ. Көрөөччү биһирэбилин “Сахаэнерго” тэрилтэ ылла . Кыайыылаахтар уу харчыннан наҕараадаланнылар.